Быыбар күнэ биэтэккэ чугаһаата. Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Илья Березкин ыраах командировкаттан кэллэ кэлээт, бэйэтин гражданскай эбээһинэһин толоро, Чурапчы нэһилиэгин 683 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастагар тиийэн куоластаан кэллэ.
“Бары билэрбит курдук ыытылла турар быыбар саамай быһаарыылаах. Дьон санаата, ахсааммытынан уон аҥы арахсара баар суол. Ол эрэн дойдубут биир, Чурапчыбыт соҕотох, өссө да өр сылларга биир бөһүөлэккэ олорон үөрэниэхпит, үлэлиэхпит турдаҕа. Саха киһитэ, чуолаан Чурапчы дьоно-сэргэтэ үтүө майгылаах, хоһуун үлэһит дьоннорунан биллэр. Өрөспүүбүлүкэттэн билиҥҥи бириэмэҕэ баһаам көмө оҥоһуллар, улууспут салалтата сөптөөх дьаһаллары таһаараннар нэһилиэнньэҕэ өйөбүллэрэ элбэх. Дьиэлэр тутуллаллар, суол ууруллар, күөх төлөн дьиэлэргэ киирэр – итинтэн ордук киһиэхэ туох наада буолуоҕай? Куһаҕана суохтук олоробут. Атын эрэгийиэннэргэ сылдьан арааһы көрбүппүт… Улууспут үрдүнэн билигин 40-тан тахса бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ олороллор, бу уолаттар бүгүҥҥү күҥҥэ 100% бары куоластарын биэрдилэр. Хас биирдиибит өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, нэһилиэкпит туһа диэммит, бука бары түмүстэхпитинэ эрэ үлэ-хамнас, инники былааннар хамсыахтара. Киһи дьылҕатын бэйэтэ оҥостор, саха киһитэ бэйэтэ туспа толкуйдаах, итэҕэллээх, көрүүлээх. Онон дьоммут-сэргэбит буола турар быыбарга көхтөөхтүк кыттыахтара. Түгэнинэн туһанан бүгүҥҥү Танкистар күннэринэн бэйэбит испитигэр сулууспалаабыт, сулууспалыы сылдьар уолаттарбытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Бары астына көрдүбүт “Алеша” экипаж танкистара хорсун быһыыларын, онтон икки саха уола Дьоруой сулуһун кэттилэр. Иллээх-эйэлээх олох кэллин, бука бары этэҥҥэ буолуҥ!”, — диэн Илья Сергеевич эттэ.
Сэмэн Жендринскэй