Чурапчыттан Анна Семенова. Суруналыыстыканы уонна муусуканы дьүөрэлээн

Сэтинньи 21 күнүгэр аан дойдутааҕы Тэлэбиидэнньэ күнэ бэлиэтэннэ. Устуоруйа этэринэн, 1996 сыллаахха бу күн Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин көҕүлээһининэн, бастакы аан дойдутааҕы телевизионнай форум ыытыллыбыт. Форумҥа көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ тэлэбиидэнньэ аан дойду социальнай-экономическай, политическай уонна култуурунай хаамыытыгар дьайыытын быһаарсыбыттар.

Ол кэмтэн ыла элбэх кэм-кэрдии ааста, сайдыы барда. Улууспутугар оччоттон баччаҕа тэлэбиидэнньэ эйгэтигэр эмиэ уларыйыы барда. “Маарыкчаан” ТРС олохтоох биэриилэрин Чурапчы дьоно-сэргэтэ билигин да өйдүүллэр, истиҥник саныыллар. Кэм уларыйан, билигин олохтоох биэриибит суох, ол эрээри “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиала өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар сонуннары таһаара олорор.

Бүгүн кэпсиир киһим “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиалын салайааччыта Анна Васильевна Семенова буолар. Анна Васильевнаны сорохтор НКИХ эрэ үлэһитин курдук көрүөхтэрин сөп. Ол эрээри кини уопуттаах суруналыыһын таһынан, муусука кэрэ эйгэтигэр бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, көрүүлэрдээх. Чурапчыбытыгар киэҥник биллибит “Ыллыыр ыччат” ансаамбылы билбэт киһи суоҕа буолуо. Ансаамбылы Анна Васильевна 2020 сыллаахха тэрийбитэ. Күн бүгүн ансаамбыллара кэҥээн иһэр.

  • Төрөөбүт-үөскээбит, оҕо сааһым кэрэ кэмнэрэ ааспыт дойдум – Арыылаах. Оскуолабын олус күндүтүк саныыбын. Оҕону бары өттүнэн сайыннарар оскуола этэ. Биир бэйэм олохпун оҥосторбор, тирэх ыларбар оскуолам иҥэрбит үөрэҕэ олук буолбута диэтэхпинэ, сыыспаппын. Ырыаҕа, саахымакка, литэрэтиирэ куруһуогар сылдьарым, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттарым.

Саха тылын сөбүлүүр этим. Тылга тапталы, идэбин таларга  учууталым Мария Афанасьевна Борисова кылаата улахан диэн этиэхпин баҕарабын. Учууталбытын Михаил Петрович Макаровы ахтан ааһыахпын баҕарабын. Кини оҕону бары өттүнэн сайыннарарга дьулуһара.  Бэйэтэ олус элбэҕи сатыыра, кинини көрөн кини курдук сатабыллаах буоларга баҕарар этибит. Хаартысканы бэчээттииргэ, саахыматтыырга, теннистииргэ, чабырҕахтыырга, сайынын  айылҕаҕа сырытыннаран, оту-маһы, көтөрдөрү үөрэтэрэ, дьиэтигэр иитэр кыылларын аһатарбыт. Онон кини олоххо интэриэстээх буоларбар элбэҕи биэрбитэ.

Бэйэм аҕам эмиэ бары өттүнэн сайдыылаах киһи этэ. Дьиэбитигэр туох баар мусукаалынай инструмент барыта баара, гитара, аккордеон, баян о.д.а. Алтыс кылааска гитараҕа оонньуурга үөрэммитим. Уһуйааҥҥа атаахтаан сылдьыбытаҕым, ол эрээри аҕам ааҕарга-суоттуурга, саахыматтыырга үөрэтэн, оскуолаҕа ааҕар-суоттуур, төгүлү сатыыр киһи барбытым.  Тырахтарыыс идэлээҕэ эрээри, педагогическай училищеҕа үөрэнэ сылдьан доруобуйатынан тохтообут. Ол иһин иитэр-үөрэтэр талааннааҕа өттөҕө, дьон киниттэн хайдах үөрэтэҕин диэн туоһулаһара.

Муусукаҕа сыстыым онон аҕабыттан кэлбитэ. Оскуоланы бүтэрэн баран,  Култуура коллеһыгар хор салаатыгар киирбитим. Үөрэхпин ситэ бүтэрбэккэ, ыал буолан, Горнайга көспүтүм. Ол кэнниттэн СГУ саха салаатын факультетын үөрэнэн бүтэрбитим.

Суруналыыстыкаҕа үлэбин, бастаан, Горнайга 2001 сыллаахха саҕалаабытым. Онтон саха тэлэбиидэнньэтигэр Горнайдааҕы филиалга олохтоохтук 2004 сыллаахтан киирбитим. Бэйэм элбэх киһини кытта алтыһарбын, интэриэһинэй дьону кытта билсэрбин сөбүлүүбүн. Онно ити этэн аһарбыт учууталларым олук буоллахтара, идэбин олус сөбүлүүбүн.

2017 сылга манна Чурапчыбар кэлбитим. Билигин үһүө буолан үлэлиибит: 1 оператор, 1 редактор уонна мин. Урукку курдук олохтоох биэрии суох, массыынабыт суох. Ол эрээри үлэбитин сөбүлүүр буолан, улууспут үлэтин-хамнаһын өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар сырдата олоробут.

Үлэбит чэрчитинэн, ыччаты сыһыарар сыалтан “Эн кэмиҥ” диэн “Совет патриотов” СО НКО нөҥүө бырайыак үлэлэппиппит. 35 выпуск тахсыбыта. Араас эйгэттэн 35 ыытааччы нэдиэлэ аайы кэлэн, ыытааччы буолан холоммуттара. Интэриэһиргиир буоллаххытына, ютубка, телеграм-ханаалбытыгар көрүөххүтүн сөп.

Муусукаҕа тапталым оччолорго да, билигин да уҕараабат. Горнайга оскуолаҕа үлэлии сылдьан, ансаамбыллардаах этим. “Полярная звезда” куонкуруска 40-ча-50-ча оҕону бэлэмнээн кытыннарарым, ситиһии көтөллөнөн кэлэрбит. Улууска “Бастыҥ салайааччы” ааты ылбытым.

Онтон Чурапчыга 2020 сыллаахха “Айыллаан” СК дьиэтигэр куортамнаһан үлэлии олорбуппут. Сылын аайы тэрилтэлэр икки ардыларыгар уус-уран самодеятельноһы көрүү бэстибээлэ ыытыллар. Бастаан онно бэлэмнэнэр сыалтан ансаамбылы тэрийбиппит. Салгыы ону ыспакка, эбии уолаттары ыҥыран, «Ыллыыр ыччат” ансаамбыл баар буолбута. Былырыыҥҥыттан “Уран” кыргыттар ансаамбыллара эбиллибитэ. Уолаттар, кыргыттар туспа да, бииргэ да ыллыыллар.

Ансаамбыл диэн тас көрүҥнэринэн, саастарынан бэйэ-бэйэлэригэр барсар буолуохтаахтар дии саныыбын, ити түгэни учуоттуубун. Быйыл эбии кыргыттар, уолаттар киирдилэр, ЧГФКСИ устудьуоннара да бааллар.

Пандемия кэмигэр тэриллибит буолан, улаханнык ханна да кыттыбатахпыт. “Поющее братство” куонкуруска кыттан, “Дебют года” буолан кэлбиттэрэ. “Таатта үрэх үрдүгэр” куонкуруска “Ыллыыр ыччат” триота “Көрөөччү биһирэбилин” ылбыттара.

Быйыл ансаамбыл тэриллиэҕиттэн сылдьыбыт, биир бастыҥ ырыаһыппыт Иван Охлопков дойдутугар Уус Алдаҥҥа баран бастакыбытын кэнсиэрдээн кэллибит. Уус алданнар олус сэргээтилэр, астыннылар, “бачча элбэх уолу хайдах түмэн ыллатаҕыт, биһиэхэ итинник кыалла илик” диэн этэллэр.

Ансаамбыл сайдарыгар элбэх куонкурустарга кыттыахха, гастролларга сылдьыахха наада. Онно тырааныспар, көстүүм курдук кэккэ боппуруостары быһааран,  кыайа тутар соругу иннибитигэр туруорабыт.

Иллэҥ кэммэр тэлэбиидэнньэҕэ бииргэ үлэлиир уолаттарбын кытта улахан дьоҥҥо, оҕолорго, самодеятельнай ансаамбылларга клип устабыт. Быйыл сайын Үөһээ Бүлүүгэ, Дьокуускайга, Горнайга, Мындаҕаайыга араас клиптэри уһуллубут. Улуус баһылыга Степан Саргыдаев кыттыылаах “Дорообо, Чурапчым!” диэн ырыаҕа “Ыллыыр ыччат” ансаамбылы кытта биир бастакы клиппит аҕыйах сыллааҕыта киэҥ эйгэҕэ тахсан турар.

Анна Васильевнаны сырдатыах, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэх санаам туолбутуттан бэйэм астынан олоробун. Анна бэйэтэ гитараҕа, синтезаторга оонньуур, нарын куолаһынан ыллыыр. Талааннаах киһи эргиччи талааннаах! Киниэхэ үлэтигэр, уопсастыбаннай үлэтигэр, тус олоҕор ситиһиилэри, дьолу баҕарабын.

Елена Макаринская