Чурапчыттан Аман Винокуров “СулуСтар” вокальнай күрэс полуфиналиһа

Эдэр талааннары арыйар “СулуСтар” өрөспүүбүлүкэтээҕи вокальнай күрэс “Муус устар” ыччат бэстибээлин иитинэн Юрий Платонов аатынан Судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырыгар быйыл IV-с төгүлүн ыытыллар.

Саха сирин улуустарыгар сүүмэрдиир түһүмэҕэ түмүктэннэ. Онон, 15 эдэр толорооччу күрэс финалыгар тахсар иһин былдьаһыахтара. Биэс финалист аата олунньу 10 күнүгэр биллиэҕэ.

Гран-при кыайыылааҕа 115 000 солкуобайы, оттон Көрөөччү биһирэбилэ аат кыайыылааҕа 57 500 солкуобайы уу харчынан тутуоҕа. Маны сэргэ, Гран-при кыайыылааҕын бэлэмнээбит уһуйааччыга эмиэ 57 500 солкуобай бириэмийэ туттарыахтара диэн “Муус устар” бэстибээл пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Полуфиналистары билиһиннэрэбит: Линда Захарова (Мэҥэ-Хаҥалас), Анна Давыдова (Ньурба), Василий Николаев (Бүлүү), Иван Дьяконов (Горнай), Яна Забелина (Ленскэй), Аман Винокуров (Чурапчы), Татьяна Томская (Булун), Аина Михайлова (Кэбээйи), Виолетта Абдурафикова (Өлүөхүмэ), Егор Агарков (Мииринэй), Сайнаара Жмурова (Нам), Анна Стуканева (Алдан), Николай Нестерев (Амма), Петр Пестерев (Хаҥалас) уонна Алан Гондолаев (Үөһээ Дьааҥы).

Аман бэйэтэ төрүт Чурапчы нэһилиэгин уола, билигин “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиалыгар операторынан тигинэччи үлэлии сылдьар, полуфиналга эстрада сулуһа Лэгэнтэй “Аттыбар” диэн ырыатыттан толоруоҕа, салайааччытынан Любовь Макарова буолар. Эдэр, кэскиллээх ырыаһыкка ситиһиини баҕарыаҕын!

Сэмэн Жендринскэй