Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир орто интэринээт-оскуолаҕа Сахабыт сирин араас муннуктарыттан сылын аайы араас оҕолор кэлэннэр үөрэнэллэр, дьарыктаналлар, үүнэн-сайдан тахсаллар.
Бүгүн, интэринээт-оскуолаҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан икки сылын үлэлиир Алена Афанасьева, социальнай ситимҥэ бэрт интэриэһинэй хаартысканы таһаарда. Үс паара игирэ оҕолор, омос көрдөххө үһүөн үүт-үкчүлэр.
“Бу мин үөрэтэр оҕолорум буолаллар. Хаартыска алын өттүгэр Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх 7 кылаас үөрэнээччилэрэ Олег уонна Эдик Кириллиннэр, ортоку 5 кылаас үөрэнээччилэрэ Нам улууһун Модут нэһилиэгиттэн Модун Чыҥыс уонна Модун Бэргэн оттон үөһэ эмиэ 5-с кылаастар, бэйэм кылааһым оҕолоро Амма улууһуттан төрүттээх билигин Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо Алгыстаана, Алтаана Артемьевалар буоллар. Биллэн турар, игирэлэри үөрэтэр наһаа интэриэһинэй. Холобура, Олегтаах Эдиги билигин даҕаны сатаан араарбаппын, сатаатар куоластара кытары биир. Алтааналаах Алгыстаананы эмиэ билиҥҥээҥи диэри кыайан араартаабаппын. Онтон Чыҥыстаах Бэргэни уҥуохтарынан көрөммүн быһаарабын. Игирэлэртэн биирдэстэрэ син биир сытыы-хотуу буолар эбит, иккиһэ дуоспуруннаах”, — диэн эдэр учуутал Алена Апоновна санаатын үллэһиннэ.
“Чурапчы – бу успуорт туоната” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха – успуорт куттаах омук. Ол туоһулара бу эдэркээн, саҥардыы үүнэн иһэр ыспарсымыан игирэчээн оҕолорбут буолаллар.
Сэмэн Жендринскэй