От ыйын 12-17 күнүгэр, Бүтүн Арассыйатааҕы «Вкусы России» диэн, Дойду бэрисидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан, араас эрэгийиэннэр уонна омуктар астарын-үөллэрин сырдатар дьаарбаҥка-бэстэбээл буолан ааста.
Бэстэбээлгэ Арассыыйа бары муннугуттан сүүмэрдэнэн, улахан сэттэ күннээҕи кэнсиэртиир бырагырааммаҕа, Саха сириттэн соҕотоҕун, чуолаан Чурапчыбыт улууһуттан “Үөрүү” оҕону иитэр-сайыннарар киин иитиллээччилэрэ “Айгыл” хомусчуттар бөлөхтөрүн солистара Наина Иванова, Вика Шадрина уонна салайааччылара Марианна Михайловна Слепцова кытыннылар.
«Вкусы России» бэстэбээл кэнсиэрэ Москуба куорат кремилин манежнай болуоссатыгар ыытылынна.
Дойдубут 75 эрэгийиэниттэн ырыа, үҥкүү, араас муусука үнүстүрүмүөннэригэр оонньооһун быыһа суох сэттэ күн устата, бэстэбээл бары ыалдьыттарыгар уонна кыттааччыларыгар ананан тэрилиннэ.
“Саха сириттэн, СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн, Чурапчы улууһун дьаһалтата, Чурапчытааҕы култуура управлениета көҕүлээһининэн биһиги ансаамбыл Улуу Кремль истиэнэлэрин таһыгар дьоҕус кэнсиэри көрдөрдө. Кэнсиэрт буолар күнүгэр тохтоло суох ардах түспүтэ. Ол эрээри көрөөччүлэр биһигини олус сэргээн, астынан, ытыс тыаһынан эҕэрдэлээбиттэрэ. Кэнсиэрт кэнниттэн кэлэннэр оҕолор талааннарын сөхпүтттэрин, биһиги Сахабыт култууратын олуһун астыммыттарын уонна сэҥээрбиттэрин эппиттэрэ. Оонньуур кэммитигэр тымныы ардах быыһынан сылаас салгын илгийэргэ дылы этэ диэбиттэрэ. Түгэнинэн туһанан биһигини эрэнэн, үбүлээн ыыппыт СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин миниистиригэр Александр Атласовка, Чурапчы улууһун баһылыгар Степан Саргыдаевка, Чурапчытааҕы култуура управлениетын начаалынньыга Петр Гуляевка, “Вкусы России” тэрийээччилэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит”, — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, импровизатор-хомусчут, «Айгыл» ансаамбыл салайааччыта Марианна Слепцова санаатын үллэһиннэ.
Сэмэн Жендринскэй