Чурапчытааҕы Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Попов этиилэрэ Александр Жирков өйөбүлүн ыллылар

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Ил Түмэн мунньахтыыр саалатыгар төгүрүк остуол тэрилиннэ. Төгүрүк остуолу СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын солбуйар бэрэссэдээтэлэ, Ил Дархан иһинэн үлэлиир Олоҥхо национальнай кэмитиэтин салайааччыта Александр Жирков ыытта.

“Төгүрүк остуолга бастатан Олоҥхо дьиэлэрин тутууга биир кэлим тииптээх бырайыак баар буолуохтаах, иккиһинэн олоҥхо рукописьтарын таһаарыыга Бырабыыталыстыбаттан көмө наада, үсүһүнэн Чурапчы улууһа өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ситимигэр киирэргэ бэлэм, онон биһиги сайаапкабытын болҕомтоҕо ылыҥ диэн этиилэрбин эттим. Александр Николаевич этиилэрбин истэн баран, Чурапчы улууһа олоҥхо эйгэтигэр киэҥ хабааннаах үлэни ыытарын бэлиэтээн туран, болҕомтоҕо ыларын, өйүүрүн биллэрдэ”, — диэн иһитиннэрдэ Дмитрий Попов.

Елена Макаринская