Чурапчы оройуонугар бастакы остуол тенниһин, гимнастика сиэксийэлэрэ 1966 сыллаахха көҥүл тустууну кытта тэҥҥэ аһыллыбыттара. Остуол тенниһигэр уонна гимнастика сиэксийэлэригэр тириэньэринэн Чурапчы орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала Василий Петрович Захаров анаммыта.

Кини 1936 сыллаахха Уус Майа оройуонугар Күп нэһилиэгэр колхуостаах кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини быраатынаан Колялыын Дириҥҥэ оҕо дьиэтигэр олорон үөрэммиттэрэ. Дириҥ оскуолатын сэттис кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускай куорат педучилищетын устудьуона буолар. Училищеҕа үөрэнэр сылларыгар хайыһарынан уонна гимнастиканан умсугуйан туран дьарыктаммыта. 1958 сыллаахха училищены бүтэрбит сылын күһүнүгэр,  Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр ыҥырыллан сулууспалыы барбыта. 1961 сыллаахха бойобуой уонна политическай сулууспа туйгуна Василий. Захаров улахан олоххо куорсун анньыммыт дойдутугар эргиллэн кэлэн, Чурапчы орто оскуолатыгар физкултуура учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Оскуолаҕа үлэлиир сылларыгар остуол тенниһэ, гимнастика, хайыһар көрүҥнэригэр спортивнай сиэксийэлэри тэрийэн, элбэх оҕону спорка уһуйбута. Гимнастикаҕа, хайыһарга оройуонун чиэһин элбэх күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.

Эдэр эрчимнээх, салайар дьоҕурдаах учуутал спортивнай оскуолаҕа  ананыаҕыттан үлэтигэр саҥаттан-саҥаны киллэрэн былааннаахтык үлэтин саҕалаабыта. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ иитиллээччилэрин кытыннарарын таһынан, үөрэтэр-эрчиллэр сбордарга ыыталыыра. 1968 сыллаахха Москва куоракка М. Догордуров, Б. Попова уонна мин буолан, иккис тириэньэринэн үлэлии сылдьар А.М. Догордуров салалтатынан эрчиллэн кэлбиппит. 1969с. сайыныгар Иркутскай куорат спортивнай лааҕырыгар сбордана барыахтаахпыт туолбатаҕа. Оройуон күүстээх спортсменнарын ыҥыран араас дьарыктары ыытара. Биир оннук көрсүһүүгэ соҕуруу үөрэнэр устудьуону Петр Оконешниковы кытта дьарыгы тэрийбитэ. Петр Петрович саҥа техническэй приему “Топ-спини” көрдөрбүтэ. Василий Петрович үгүс үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ остуол тенниһин пропагандалааһыҥҥа, сайыннарыыга туһаайыллыбыттара. Ол курдук, 1966 сыллаахха А Догордуров,  А. Поисеева, Н. Федоров Бүлүү бөлөх  оройуоннарынан, 1967-1968 сылларга СГУ устудьуоннарын кытта  табаарыстыы көрсүһүүлэри тэрийбитэ.

1966 сыллаахха Москва куораттан ССРС спордун маастарын В. Головановы ыҥыран,  Саха сирин күүстээх теннисчиттэрин, тириэньэрдэрин Чурапчыга мунньан, биир ый устата үөрэтэр-эрчийэр дьарыктары тэрийэн, үрдүк таһымҥа  ыыппыта. Бу сбор спортсменнар маастарыстыбалара үрдүүрүгэр, тириэньэрдэр үөрэтэр-эрчийэр дьарыктарын методикалара тупсарыгар улахан олугу уурбута. Үлэтин биир сүрүн хайысхатынан буолар: дьарыктыыр көрүҥнэрин оборудованиелара, спортсменнарын туттар инвентардара саҥардыллалларын туруорсуу, стандарка эппиэттэһэллэрин хааччыйыы. Ол курдук, 1967 сыллаахха диэри хара кырааскалаах хаптаһын уонна халыҥ фанера остуолларга оонньуур этибит. Бу сыл “Динамо” фирма саҥа түөрт остуолугар, япония ракеткаларынан,  вьетнам мээчиктэринэн оонньообуппут. Үөрэтэр-эрчийэр дьарыгар бэйэ оҥоруу тренажердары туттара. Бэлисэпиэт көлүөһэлэриттэн оҥоһуллубут спортивнай тэрилгэ уустук подачаларбытын, техническэй приемнарбытын  сүрдээх уһуннук эрчийэрэ. Илиибит киистэтин хамсатан, уһун,  суон соҕус, сымнаҕас эрэһиинэ быаҕа долгун таһаарарбыт. Күрэхтэһиилэргэ атын оройуон спортсменнара подачаларбытын сүрдээҕин ыарырҕатар этилэр. Ол уустук тиэхиньикэлээх подачаларбытын иитиллээччилэрбэр үөрэппитим. Онтум билигин «Чурапчинские подачи» диэн номох буолан ааттаналлар.

Василий Петрович киһи быһыытынан наһаа сымнаҕас, холку майгылааҕа, иитиллээччилэригэр барыбытыгар тэҥ сыһыаннааҕа. Дьарыкка үрдүк ирдэбиллээх, сүрэҕэлдьиири сөбүлээбэт этэ. Дьарык саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, ис дууһабытын ууран туран дьарыктанарбытын ситиһэрэ. Дьарыкпыт ШКМ көрүдүөрүгэр буолара, дьаркыпыт таһаарылаах буоларын туһугар араас ньымалары туттара. Ол курдук, биир кылааска гимнастика оборудованиелара туруоруллубуттара. Ол хоско гимнастика элэмиэннэрин  дьарыктыыра. Кэлин онно баскетбол щиттэрэ ыйаммыттара, онон дьарыкпыт быыһыгар  баскетболлуур этибит.

Василий Петрович Захаров салайбыт 1964-1969 сылларыгар остуол тенниһигэр хамаанданан кыайыы өрөгөйүн билбиппит:

1966-1971сс. Саха АССР үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионакка хамаанданан 1 миэстэ;

1969с. Уһук Илин уонна Илин Сибиир үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар  биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионакка 3-с миэстэ,  1966с. Хабаровскайга  3-с миэстэ;

1965,1966,1967,1968сс.  Саха АССР  «Урожай» ДСО уобаластааҕы сэбиэтин чемпионатыгар хамаанданан 1-кы миэстэ;

1966c. Саха сирин норуоттарын V-c спартакиадатыгар хамаанданан 1-кы миэстэ;

Улахан дьоҥҥо Уһук Илин уонна Илин Сибиир биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионакка: 1964с.  Владивостокка – 2-с миэстэ, 1965с. Читаҕа – 3-с миэстэ, 1967с. Дьокуускайга – 1-кы миэстэ, 1971с. 2-с миэстэ.

Ону тэҥэ иитиллээччилэрин биирдиилээн, пааранан ситиһиилэрин ааҕан сиппэккин. Василий Петрович спорка, кыайыыга туруоруммут сыалы ситиһэргэ уһуйбут, атын да хаачыстыбалары иҥэрбит сүбэтэ-амата иитиллээччилэрин кэнэҕэски үлэлэригэр, олохторугар сырдык суолдьут буолбута. Ол кини үөрэппит оҕолорун үлэҕэ ситиһиилэрэ туоһулууллар.

  • А.И. Поисеева –СӨ Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Социальнай сулууспаҕа туйгуна, Ил Түмэн иккис, үһүс ыҥырыытын дьокутаата, СӨ Остуол тенниһигэр федерациятын Бочуоттаах бэрэсидьиэнэ;

 

  • Н.П. Федоров –СӨ физкултуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна;

 

  • А.М. Догордуров – Арассыыйа спорка маастарыгар кандидат, “Урожай” ДСО Бочуоттаах үлэһитэ;

 

  • Г.С. Платонов – Чурапчы улууһун потребительскай кооперацияҕа Бочуоттаах үлэһитэ,“Арассыыйа потребительскай кооперация сайдыытыгар кылаатын иһин” орден кавалера, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ;

 

  • С.Н. Сорокоумова – үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Социалистическай күрэх кыайыылааҕа;

 

  • М.М. Догордуров – Арассыыйа спорка маастарыгар кандидат, РС(Я) ШВСМ дириэктэринэн үлэлээбитэ.

 

  • С.Н. Башарина – СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна,   РФ физкултуураҕа уонна спорка туйгуна;

 

  • М.Г. Шишигина – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Физкултуураҕа уонна спорка туйгуна.

Василий Петрович оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ остуол тенниһигэр уонна гимнастикаҕа сайдыытыгар кылгас кэмҥэ да үлэлээтэр, сүҥкэн улахан кылаатын киллэрбитэ. Кини баара — суоҕа 33 сааһыгар ыарахан ыарыыттан 1969 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ.

Истиҥник саныыр-ахтар, ытыктыыр тириэньэрим улахан спорка уһуйбута, сырдыкка-кэрэҕэ сирдээбитэ үтүө өйдөбүл буолан умнуллуо суоҕа. Кини үтүө дьыалатын үйэтитэн Чурапчытааҕы оҕону-ыччаты успуорка эбии үөрэхтээһин кыһатыгар аата иҥэриллэрэ буоллар диэн туруорсабыт.

 

Светлана Башарина

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ