Мэҥэ хаҥаласка ыытыллыбыт норуодунай тыйаатырдары көрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алыптаах маска” бэстибээлгэ чурапчылар Гран При үрдүк аатын ыллылар. Бу туһунан улуустааҕы култуура салалтата иһитиннэрдэ.
Быйылгы куонкурус Д.Ф.Ходулов аатынан Майатааҕы норуодунай тыйаатыр тэриллибитэ 60 сылыгар ананна. Бу улахан тэрээһиҥҥэ Сунтаартан, Бүлүүттэн, Кэбээйиттэн, Алдантан уонна киин улуустартан барыта 20-тэн тахса норуодунай кэлэктиип кытынна.
П.М.Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр Уйбаан Арбыыта “Долгуннар” айымньытыгар олоҕуран, режиссер Василий Николаев суруйуутугар “Биэрэккэ поэт уол турбута…” туруорууну көрдөрөн, Гран При аатын ылла. Маны сэргэ Василий Николаев “Бастыҥ драматическай айымньы” анал аат кыайыылааҕа буолла. Онон Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр үбүлүөйдээх 55-с театральнай сезонун үөрүү көтөллөөх арыйдылар.
Айар куттаах дьоммутун, артыыстарбытын үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит!
Марфа Петрова.