Быйыл А.А. Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойа тэриллибитэ 75 сылын туолла.
Бүгүн үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр үөрүүлээх дьаһал буолла.
«Биһиги мусуойбут үтүөкэн экспонаттардаах, дьоһун кэллиэксийэлэрдээх, өрөспүүбүлүкэҕэ биир кырдьаҕас, дириҥ историялаах мусуой буолар. Ыалдьыттарга, ыччаттарга улууспут историятын күннэтэ киэн тутта кэпсиибит, көрдөрөбүт. Мусуойбут сайдыы тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылаан, саҥа технологиялары туһанан, экспонаттары тупсаҕайдык туруорарга, пуонданы хаҥатарга былааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Маны сэргэ араас бырайыактар олоххо киирэллэр«, — диэн киирии тылга ыытааччы, научнай үлэһит Юрий Толстоухов үлэлиир мусуойун туһунан билиһиннэрдэ.
Улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Афанасий Дьячковскай мусуой үлэтэ үрдүк суолталааҕын, эдэр көлүөнэҕэ дойдутун историятын ытыктыырга үөрэтэрин бэлиэтээтэ. Кэлэр сылга үп тыырыллан, улахан өрөмүөн үлэтэ ыытылларын иһитиннэрдэ.
Кини СӨ Бырабыыталыстыбатын махтал суругун Юрий Толстоуховка, Хатылытааҕы Көһөрүллүү мусуойун сэбиэдиссэйигэр Марфа Чичигинароваҕа туттарда. Ону тэҥэ «Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин» үһүс истиэннээх бэлиэни Юрий Толстоуховка, улуустааҕы «Туйгун бэлиэни» үтүө суобастаах үлэтин иһин Марфа Чичигинароваҕа, Владимир Дарамаевка, Бочуотунай грамотаны быыстапка уонна экспозиция үлэтин исписэлииһигэр Илья Лазаревка, Махтал суругу Хатылытааҕы мусуой техүлэһитигэр Петр Поповка туттарда.
Үөрүүлээх чааска араас сылларга үлэлээбит дьон, ыаллыы сытар улуустартан биир идэлээхтэрэ, мусуойу өйүүр кыраайы үөрэтээччилэр, Чурапчы улууһун мусуойдарын салайааччылара уо.д.а. истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Дириэктэр Афанасий Захаров: «Биһиэхэ үлэлээбиттэрэ биллиилээх фольклорист Андрей Саввин, сэриигэ кыттыбыт фронтовик учууталлар, суруйааччылар. Кинилэр саҕалаабыт үлэлэрин чиэстээхтик салҕыырга кыһаллыахтаахпыт. Былырыын улуус дьаһалтата өйөөн, Андрей Андреевич биир сүҥкэн үлэтэ күн сирин көрбүтэ. Ол кинигэ соторутааҕыта Америкаҕа Англия тылынан тылбаастанан таҕыста. Онон Чурапчы фольклориһын үлэтин аан дойду ааҕар кыахтанна. Билиҥҥи кэмҥэ мусуой үлэтэ патриотическай тыыҥҥа иитэр суолталаах. Онон түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ», — диэн ыҥырда.
Бэлиэ тэрээһиҥҥэ мусуой тэриллиэҕиттэн 75 сыллаах үлэтин сырдатар документальнай киинэ көрдөрүлүннэ. Киинэ ааптарынан экскурсовод Василена Мохначевская буолар.
Мусуой үлэһиттэригэр айымньылаах үлэни баҕарабыт.
Марфа Петрова.