Чурапчытааҕы колледж устудьуоннара байыастарга иһирэх ис хоһоонноох суруктары ыыттылар

Сэтинньигэ бүтүн Арассыыйатааҕы  «Пишу тебе, Герой!» байыаннай патриотическай ааксыйа ыытылынна. Бу суолталаах ааксыйаҕа Чурапчытааҕы аграрнай-техническай колледж устудьуоннара көхтөөхтүк кыттыстылар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт истиҥ тыллардаах суруктары кэмбиэргэ уган, «Саллаакка сурук» диэн бэлиэтээн, Арассыыйа пуочтатын нөҥүө 103400, Москва-400 аадырыска  бүгүн ыыттылар.

«Хас биирдии киһи ыраах сылдьан, төрөөбүт дойдутуттан илдьит күүтэр. Ис сүрэхтэн суруллубут сурук саллаат санаатын көтөҕөр, күүһү-уоҕу биэрэр. Бу ааксыйаҕа ким баҕарар кыттар. Суругу «Пишу тебе, герой…» этииттэн саҕалыахха сөп. Устудьуоннар эрэл суруктарыгар байыастары кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтилэр, тулуурдарын, хорсуннарын уонна үтүө суобастаах сулууспаларын иһин махтал тылларын тиэртилэр. Ис сүрэхтэн анаммыт баҕа санаалар туолалларыгар баҕарабыт», — диэн дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Людмила Миронова билиһиннэрдэ.

Маннык иһирэх ис хоһоонноох суруктары ытык иэстэрин толоро сылдьар уолаттар тутан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, санаалара бөҕөргүүрүгэр эрэнэбит.

Марфа Петрова.