Чурапчытааҕы Киин быыбардыыр хамыыһыйа бүгүн мандааттары туттарда

Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Чурапчы улууһун Киин быыбардыыр хамыыһыйатын 43-с уочараттаах мунньаҕар саҥа талыллыбыт улуус мунньаҕын дьокутааттарыгар дастабырыанньалары туттардылар. 

“Улуус мунньаҕын испииһэгинэн, дьон-сэргэ итэҕэлин ылбыт 19 дьокутаат регистарцияланна уонна талыллыбыттарын туоһулуур дастабырыанньалары туттулар”, — диэн Чурапчытааҕы Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Дария Никитина иһитиннэрдэ.

Чурапчы улууһун V-c ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара


Чурапчы нэһилиэгин Новгородовскай-Киин түөлбэ мандаатыгар“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Яков Павлович Оконешников, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Николай Николаевич Попов, Сергей Николаевич Атласов (бэйэ туруорунуута).

Чурапчы нэһилиэгин Куоҕалы түөлбэ мандаатыгар — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Юрий Павлович Посельскай, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Алексей Гаврильевич Егоров.

Чурапчы нэһилиэгин Маарыкчаан-Чараҥ түөлбэ мандаатыгар – Иннокентий Николаевич Архипов (бэйэ туруорунуута), “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Сергей Серафимович Новгородов, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Екатерина Семеновна Иванова.

Алаҕар, Бахсы нэһилиэктэрин мандаатыгар – “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Спартак Васильевич Пахомов.

Мугудай, Төлөй нэһилиэктэрин мандаатыгар — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Дмитрий Егорович Захаров.

Хайахсыт, Чакыр нэһилиэктэрин мандаатыгар – “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Егор Егорович Анемподистов.

Сылаҥ нэһилиэгин мандаатыгар — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Василий Николаевич Платонов.

Кытаанах, Арыылаах  нэһилиэктэрин мандаатыгар – Дмитрий Иванович Попов (бэйэ туруорунуута).

Болугур  нэһилиэгин мандаатыгар — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Данил Данилович Павлов.

Соловьев, Болтоҥо нэһилиэктэрин мандаатыгар — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Семен Иванович Собакин.

Хоптоҕо, Хадаар нэһилиэктэрин мандаатыгар — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Иннокентий Иннокентьевич Готовцев, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Борис Петрович Архипов.

Одьулуун, Хатылы нэһилиэктэрин мандаатыгар — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Ульяна Николаевна Атласова, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан Антон Алексеевич Аржаков.

Саҥа талыллыбыт улуус мунньаҕын дьокутааттара, улуус Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев кыттыылаах, бүгүн номнуо бастакы сессияларыгар үлэлэрин саҕалаатылар. Маҥнай, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ талылла илигинэн, мунньаҕы дьокутааттартан саамай аҕа саастаахтара Ульяна Атласова иилээн-саҕалаан ыытта, сэкирэтээринэн Николай Попов ананан үлэлээтэ. Мандаатынай хамыыһа чилиэттэринэн Егор Анемподистов, Борис Архипов, Алексей Егоров талылыннылар. Ааҕар-суоттуур хамыыһыйа састаабыгар Спартак Пахомов, Данил Павлов, Сергей Новгородов киирдилэр. Бу кэнниттэн дьокутааттар бэйэлэрин истэриттэн улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн икки хандьыдааты: Яков Оконешниковы уонна Иннокентий Архиповы туруордулар.

Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн 19 дьокутааттан 18 куолаһы ылан, Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Яков Павлович Оконешников ананна. Улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан Юрий Павлович Посельскай талылынна.

Мунньаҕы улуус Аҕа баһылыга: “Чурапчыбыт улууһун дьоно-сэргэтэ туруктаах буоларын туһугар бука бары түмсүүлээхтик үлэлиэҕин”, — диэн тылларынан түмүктээтэ.

Сэмэн Жендринскэй