Чурапчы улууһун Ис дьыалаҕа отделын үлэһиттэрэ хаһыакка чэпчэтиилээх сурутуу болдьоҕун иннинэ, бары биир киһи курдук 100% суруттардылар. Бэҕэһээ о.э. сэтинньи 27 күнүгэр, эбиэт инниттэн Чурапчытааҕы ОМВД сотрудниката бука бары, уопсайа холбоон 60 киһи суруттардылар. Полиция сотрудниктара төрдүс сылларын маннык көхтөөх сурутууну ыыталлар.
“ “Саҥа олох” … аата да этэринии мэлдьи олох үөһүгэр сылдьар, ыйан-кэрдэн биэрэр, үөрбүт-көппүт, туоххаһыйбыт да быыһыктарга доҕор-атас оҥостор таптаан ааҕар хаһыаппыт. Уһун унньуктаах 90-тан тахса сыл устата суостаах сэрии сылларын, айгыраабыт олох-дьаһах кыһалҕатын тулуһан, эстибит коммунистическай идеология, суулларыллыбыт сэбиэскэй тутул, моҥкурууттаабыт экэниэмикэ, дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу,
илин-арҕаа диэки барары билбэт буола харааччы мунуу-тэнии кэмнэрин
сөптөөхтүк быһаарсан, туһата суох талбытынан куолулааһыны куоһаран, үйэлэр алтыһыыларыгар түһүүлэри-тахсыылары этэҥҥэ ааһан, дьонун-норуотун кытта тэҥҥэ алтыһан, кэпсээн, сырдатан,
сүнньүлээн, көҕүлээн, туруулаһан кэллэҕэ. Онон тус бэйэм санаабар хаһыакка суруттарыы диэн, эбиитин бу Чурапчы улууһун дьонугар-сэргэтигэр боппуруос быһыытынан туруо да суохтаах дии саныыбыт. Улуус сонуннары биир бастакынан билэ, ааҕаа олоруу бүгүҥҥү күннээххэ саамай кылаабынай”, — диэн полиция подполковнига Иннокентий Дмитриевич Свинобоев өрүү буоларын курдук, саха киһитин сиэринэн, уу сахалыы, холкутук кэпсэтэн-ипсэтэн барда.
Ис дьыала уорганын үлэһиттэрэ, хаһыакка сурутааччы кэлэр диэннэр отдел мунньахтыыр саалатын бэлэмнээн, байыаннай дьон буолалларын да быһыытынан түргэн-тарҕан соҕустук, биир-биир кэлэннэр суруттардылар. Бу сырыыга бары үлэһиттэр 1 сыллаах болдьоххо суруттардылар, ол аата үлэбит син үтүө түмүктээх эбит диэн санааҕа кэлэбит.
Оттон биир бэйэм, хаһыаппыт тубустар-тупсан, дьон-сэргэ эккирэтэ сылдьан ааҕар, наадалааҕын булар, мунаахсыйбытын быһаартарар ис хоһоонноох, олох үрүҥ-хара өттүн хабар сытыы матырыйааллардаах, “дьэ бу Чурапчыбыт хаһыата” дэтэр ураты тыыннаах буолуон баҕарабын.
Сурутууну ыытта Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ