Саҥа үөрэх дьылын итиэннэ интэринээт-оскуола Дмитрий Петрович 96 сылын киэн тутта, үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр.
Бу бэлиэ күнү көрсө, Дойду уонан Саха сирин өрөгөй ырыалара иһилиннилэр, былаахтар күөрэччи көтөҕүлүннүлэр. Үөрүүлээх чааска, “Чурапчы улууһа” МТ баһылыга Степан Саргыдаев, үөрэнээччилэргэ туһаайан Чурапчы сириттэн-уотуттан олимпиецтар үүнэн-сайдан тахсыахтара диэн эрэнэрин биллэрдэ, ааспыт сайын “Азия оҕолорун” Оонньууларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт ыспарсымыаннарга дириҥ махталын тириэртэ.
Долгутуулаах чааска сүдү киһи туһунан ахтыылары улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, “Чурапчы нэһилиэгэ” МТ баһылыга Владимир Сивцев, көҥүл тустууга Сойуус чөмпүйүөнэ Семен Морфунов, оскуола-интэринээт дириэктэрэ Станислав Захаров, РСФСР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Людмила Винокурова истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар оттон “Эдэр Коркинецтар” оҕо хамсааһынын лидерэ Петя Попов үөрэнээччилэри бука барыларын үчүгэй үөрэххэ, успуорка саҥаттан-саҥа кыайыыларга ыҥырда.
Үөрэнээччилэр харда тылларыгар: “Дьол-көҥүл, норуот иһин күүс кыайарынан, сүрэх баҕатынан үлэлииргэ бэлэммит!” – диэн биир киһи курдук эттилэр, оскуолаларын өрөгөйүн ырыатын толорон иһитиннэрдилэр. Итиэннэ Улуу тириэнньэр Дмитрий Петрович Коркин бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Сэмэн Жендринскэй