Чурапчытааҕы гимназия эдэр чинчийээччилэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэ дипломаннара

Бу күннэргэ, ыраах Санкт-Петербург куоратыгар XXI-с төгүлүн Бүтүн Арассыыйатааҕы инновационнай-научнай “Открой в себе ученого” кэмпириэнсийэ буолан түмүктэннэ. Манна Дойду бары эрэгийиэннэриттэн 1300 үөрэнээччи ол иһигэр Чурапчы улууһуттан Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын, Соловьев, Хайахсыт орто оскуолаларын эдэр чинчийээччилэрэ ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.

Научнай үлэлэр улахан түһүлгэлэригэр хас эмэ сылы быһа чинчийиинэн дьарыктаммыт оҕолор бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Ол курдук, гимназия 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Ваня Попов, икки сыл устата салайааччытынаан, СӨ үтүөлээх учуутала Ирина Саввична Соловьеваны кытары Чурапчы сүүрүк сылгыларын бүтүннүү чинчийэннэр “Изучение развития конного спорта (на материале Чурапчинского улуса)” үлэлэринэн дипломан буолары ситистилэр. Итинник наҕараадаҕа, гимназия 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Данил Брызгаев “Экспериментальный поиск прирордных сорбентов для защиты от техногенных последствий”, салайааччыта РФ үтүөлээх учуутала Мария Хютанова, гимназия 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Аман Сивцев, “Переводчик слов по алфавиту С.А. Новгородова на современный якутский язык” чинчийиилэринэн бэлиэтэннилэр, салайааччыларынан Игорь Сивцев, Таисия Сивцева буолаллар.

Санатар эбит буоллахха, былырыын биһиги улууспутуттан 9 үөрэнээччи тиийэн үрдүк ситиһиилэнэн кэлбиттэрэ. Быйылгы сылга кыттыыбыт аҕыйах, ол эрэн инникитин үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара туһааннаах болҕомтолорун уураннар сөптөөх үбү-аһы тыыраннар талааннаах оҕолорбутун кэмигэр кытыннарыахтара диэн улаханнык эрэнэбит. Оттон үлэ үөһүгэр тиритэ-хорута, түүннэри-күннэри суруксуттуур, саҥаттан-саҥаны булар, айар-тутар убаастабыллаах учууталларбытыгар, күндү үөрэнээччилэрбитигэр судургута суох үлэлэригэр, үөрэхтэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри, тулууру, дьулууру баҕарыаҕыҥ.

Сэмэн Жендринскэй