Чурапчытааҕы ГИБДД сэрэтэр: “Оҕо матасыыкылы бырааба суох ыытар түгэнигэр улахан кээмэйдээх ыстараап итиэннэ тиэхэньикэтэ былдьанар”

Билигин төрөппүттэр, оҕолоро уонча сааһын туолаатын кытта матасыыкыл атыылаһан биэрэллэр. Кистэл буолбатах, ыытар бырааба суох уора-көстө ыытар ыччат аҕыйаҕа суох.  Оонньуу-оонньуунан, оҕо баҕа санаатын толорон үөрдүү диэн эмиэ туспа дьыала, ол эрэн инники сылларга ыччаттарбыт матасыыкылы көҥүлэ суох миинньэ сылдьаннар араас эчэйиилэри ону ааһан суорума суолламмыт түгэннэрэ эмиэ бааллар этэ.

Бары истэ-билэ сылдьарбыт курдук мопеды (М), матасыыкылы (А1) 125 куб.см диэри кыамталаах тимир көлөнү оҕо 16 сааһын туолбутун эрэ кэнниттэн анал үөрэнэн, эксээмэннэрин туттаран быраабы ылар кыахтаах. Онтон үрдүк кыамталаах матасыыкылы ыытарга 16 сааһыгар үөрэнэрин үөрэниэн сөп ол эрэн эксээмэни туттарыыта, быраабы ылара 18 сааһын туолбутун эрэ кэнниттэн көҥүллэнэр.

Сүбэ. Аныгы оҕолор кыра саастарыттан матасыыкылы ыыталлар. Дастабырыанньата суох тиэхэньикэни ыытыы иһин үөрэнээччилэр 16 саастарыттан административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар. РФ КОАП 12.7 ыстатыйа 1 чааһыгар олоҕуран ыстарааба 5 000-15 000 солкуобайга диэри. Шлема суох тиэхэньикэни ыытыы иһин РФ КОАП 12.6 ыстатыйатынан 1000 солк, учуокка туруоруллубатах матасыыкылынан бастакытын тутуллубут оҕо РФ КОАП 12.1 ыст. 1 чааһынан 500-800 солк оттон иккис сырыытыгар РФ КОАП 12.1 ыст. 1.1 чааһынан 5000 солк ыстарааптанар. Маны таһынан дьыаланы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларын көрөр хамыыһыйа бэлиэтэнэр, оҕону 1 сылга ПДН учуотугар хайаан даҕаны кэтээн көрөргө туруораллар.

Оттон, өскөтүн, матасыыкыл бу оҕо төрөппүттэригэр эбэтэр атын улахан киһи аатыгар сурулла сылдьар түгэнигэр, кинилэргэ ыстараап 30 000 солкуобайга тэҥнэһэр.  Итини сэргэ РФ КОАП 5.35 ыстатыйатыгар о.э. төрөппүт эбээһинэһин толорботун иһин административнай хамыыһыйаланар уонна тиэхэньикэтэ былдьанан ыстарааптаммыт стоянкаҕа илдьэн туттарыллар.

Күн-бүгүн матасыыкыл быраабын ыларга анаан Дьокуускай куоракка 20-чэ авто-оскуола үлэлиир. Сыаната ортотунан 30 тыһыынча солкуобай. Дьон үксүгэр дьиэтиттэн чугас уонна удамыр сыаналааҕын талан үөрэнэ сатыыр.

Чурапчытааҕы ГИБДД иниспиэксийэтэ