Чурапчы улууһугар Ис дьыала уорганын үлэһиттэрин үлэлэрэ күн-түүн күүһүрэр. Бу күннэргэ ГИБДД үлэһиттэрэ “Халыма” бэдэрээлинэй суолугар икки киилэ “синтетическэй” наркотиктаах кэлии киһини туттулар. Бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сиһилии кэпсиир эбит буоллахха, Ис дьыала министиэристибэтин суолга патруллуур сулууспатын Чурапчытааҕы отделын иниспиэктэрдэрэ  “Халыма”  суол  141 килэмиэтиригэр,  Мугудай нэһилиэгин таһыгар, Смоленскай уобаласка бэлиэтэммит массыынаны тохтоппуттар. Тырааныспары көрүү кэмигэр Санкт-Петербург куоракка быстах кэмҥэ олорор Узбекистан Өрөспүүбүлүкэтин 23 саастаах олохтооҕуттан  полиция үлэһиттэрэ салапаан бакыаты буллулар. Ол иһигэр сууламмыт түөрт устуука үрүҥ өҥнөөх бороһуок баар эбит.   Чинчийэн көрбүттэрэ, синтетическэй наркотик буолара билиннэ.

Буруйданааччы кэпсээбитинэн, туһааннаах “табаарын” Новосибирскай куораттан Магадан уобалаһыгар атыылыы илдьэн испит. Итиннэ сигэнэн кинини утары РФ Холуобунай кодексын 30 ыст.  3 ч.,   228.1  ыст. 5. холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.

 

Сэмэн Жендринскэй