Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт институтун устудьуоннара уонна үлэһиттэрэ байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга көмөлөһөллөр

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан институт бэйэтин кылаатын гуманитарнай да, үп-харчы да өттүнэн киллэрэ олорор.

«Устудьуоннарбыт 30-тан тахса киилэ фаршы, 2 куул ыһаарыламмыт балыгы  бэлэмнээн улуус дьаһалтатыгар биэрдибит. Ааспыт ахсынньы ыйга 60-ча чүмэчи-оһоҕу  уонна 25 м маскировочнай сетканы оҥорон, СӨ Волонтердарын ресурснай киинигэр ыыппыппыт. Матырыйаалын устудьуоннар бэйэлэрэ кыттыһан ылбыттара.

Кэлэктиип эмиэ туора турбат. Харчынан көмөнү улуус дьаһалтатын нөҥүө ыыта олоробут уонна  гуманитарнай көмөҕө эмиэ ас-үөл хомуллан барар.

Байыаннай дьайыыга сылдьар төрөппүттэрдээх оҕолорбутугар институт өттүттэн материальнай көмөнү оҥоробут, индивидуальнай графикка ыытабыт, уопсайга босхо олордобут», — волонтерскай киин салайааччыта Галина Алексеева кэпсиир .

 

Елена Макаринская