Чурапчытааҕы Д.П.Коркин аатынан ыспартыыбынай оскуолаҕа «Урожайград» тэрилиннэ

Бу күннэргэ Д.П.Куоркун аатынан Чурапчытааҕы өрөспүүбүлүкэ ыспартыыбынай эрэллэрин бэлэмниир интэринээт оскуола кыһатыгар «Урожайград» сылын аайы ыытыллар күһүҥҥү дьаарбаҥката буолан ааста.

Маннык тэрээһин оскуолабытыгар сылын аайы үгэс быһыытынан ыытыллар буолан үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, учууталлар эрдэттэн бэлэмнэнэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Хас биирдии кылаас бэйэтэ астаан, кэнсиэрбэлээн аҕалбыт аһын-үөлүн атыылаан кылааһыгар харчы киллэриннэ.

Куонкурус түмүгүнэн алын кылаастарга «Дары осени» быыстапкаҕа 1 миэстэ — 2 «Б», 2 миэстэ — 2 «А» уонна 3 миэстэ — 3 уонна 1 кылаастар буоллулар.

«Юбилейная осень» диэн  айылҕа матырыйаалыттан оҥоһук куонкурсугар 1 миэстэ – 4-с, 2 миэстэ – 3-с уонна 1-кы, 3 миэстэ – 2-с «Б» уонна 2-с «А» кылаастар буоллулар.

Ортоку сүһүөххэ «Дары осени» 1 миэстэ – 7-с «А», 2 миэстэ —  6-с «Б», 3 миэстэ – 6-с «А» кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар.

Онтон улахан кылаастарга «Дары осени» 1 миэстэни 9-с «Б», 2 миэстэни  11-с «Б», 3 миэстэни 10-с «В» уонна 9-с «А» кылаастар ылары ситистилэр.

18-09-2023_13-22-15

Бука бары кыттыбыт, сүүрбүт-көппүт үлэһиттэрбитигэр, үөрэнээччилэрбитигэр, төрөппүттэрбитигэр, оскуолабыт салалтатыгар бу курдук бырааһынньыктааҕы дьаарбаҥканы тэрийэн ыыппыттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит уонна инникитин бу курдук айымньыылаахтык, тэрээһиннээхтик биир сомоҕо буолан үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырабыт.

 

«Чэбдик» пресс-киин.