Чурапчытааҕы бэтэринээринэй сулууспаҕа саҥа массыына бэрилиннэ

Бэҕэһээ, кулун тутар 29 күнүгэр, 21 оройуон уонна Дьокуускай куорат бэтэринээринэй сулууспалара  дезинфекционнай  тэриллээх  УАЗ массыыналар күлүүстэрин туттулар. Бу туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев телеграмм ханаалыгар суруйда.

— Бэтэринээринэй сулууспа автопаарката саҥардыллыбатаҕа хас эмэ уонунан сыллар ааспыттар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр бэтэринээринэй-санитарнай куттала суох буолууну хааччыйыыга улахан суолталаах үлэ буолар. Бу маннык таҥыллыылаах УАЗ массыыналар биһиги уустуук суоллаа-иистээх, тыйыс айылҕалаах, томороон тымныылаах усулуобуйабытыгар ордук табыгастаахтар, — диэн Айсен Сергеевич суруйар.

Пенза куорат “Автомедтехника” собуотугар оҥоһуллубут сабыс-саҥа массыыналар күлүүстэрин Дьокуускай, Алдан куораттара, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Сунтаар, Таатта, Томпо, Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы оройуоннара туттулар.

“Маннык хамсааһын бэтэринээринэй сулууспаны 2030 сылга диэри сайыннарыы стратегическай былаанын ылыныыттан саҕаламмыта. Инньэ гынан 2023 сыл бэс ыйыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит Бырабыыталыстыбата, бэтэринээринэй сулууспа дезинфекциялыыр үлэтин чэпчэтээри, анал тиэхэньикэни ылыыга анаан 90 мөл.суумманы көрөргө диэн дьаһал таһаарбыта. Инньэ гынан куонкурус биллэрэммит Сбербанк лиизинин кытары хантараак баттаспыппыт. Билигин массыыналар бары бэтэринэриийэ департаменын киинигэр учуокка турдулар”, — диэн Саха сирин бэтэринэриийэтин департаменын салайааччыта Петр Петров эттэ.

“Саҥа массыналар күлүүстэрин тутаммыт бары даҕаны олуһун үөрдүбүт. Билигин Чурапчыбыт улууһугар дезинфекция үлэтин ыытарга анал тиэхэнькэлэннибит, барыта толору хааччылыылаах, оборудованиетын тиэнэ сылдьар. Бэҕэһээ оройуоммут киинигэр этэҥҥэ сүүрдэн кэллибит.

Суоппарынан Николай Мишкин үлэлиэҕэ. Түгэнинэн туһанан СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, бэйэбит департамеммыт салайааччытыгар Петр Лукичка, ресурснай кииммит салайааччытыгар Евгений Егоровка дириҥ махталбытын тиэрдэбит”, — диэн Муома оройуонугар филиаллаах Чурапчы улууһун бэтэринээринэй чинчийэр лабораториялаах бэтэринэриийэ управлениетын салайааччыта Лена Архипова санаатын үллэһиннэ.

 

Сэмэн Жендринскэй