Бу күннэргэ, Саха норуота бүттүүн киэн туттар улахан тустуукпут, Олимпиада оонньууларын чөмпүйүөнэ, призера, Аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ, Сойуус алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, көҥүл тустууга СССР успуордун үтүөлээх маастара, Дьокуускай, Бүлүү куораттар, Эдьигээн уонна Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Роман Михайлович Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир.
Бэҕэһээ о.э. кулун тутар 10 күнүгэр, “Айылгы” НАДь-гэр, суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл, аҕыйах хонуктааҕыта күн сириттэн күрэммит Айсен Сивцев-Айсиэн Дойду суруйуутунан, режиссер, СӨ култууратын туйгуна Туяра Егорова туруоруутунан “Сулус буолан умайдын!” испэктээги, Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуонун “Эйгэ” култуура дьиэтин иһинэн тэриллэн үлэлиир “Чолигда” драматическай кэлэктиип артыыстара оонньоон көрдөрдүлэр. Киирии фойеҕа, Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан, Эдьигээн маастардара Екатерина Никифорова уонна Наталья Вензель таба тириититтэн быһан оҥорбут триптихтэрин дьон бары кэрэхсии көрдүлэр.
Испэктээк саҕаланыан иннинэ, ыраахтан кэлбит ыалдьыттары, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев үрдүк сценаҕа тахсаннар эҕэрдэлээтилэр. Степан Анатольевич бэйэтин этиитигэр, Эдьигээн оройуона Чурапчы улууһун кытары быстыспат ситимнээҕин, устуоруйаҕа хаһан даҕаны сотуллубат атаҕастабыллаах уураах дьоммутун Хоту көһөрүүгэ ыыппыт ыарахан кэмнэригэр Эдьигээн дьоно-сэргэтэ күүс-көмө, өйөбүл буолбуттарыгар өрүү махтаналларын ахтан ааста. Инньэ диэн туран улуус дьаһалтатын махтал суругун Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуон баһылыгар, Владимир Дмитриевич аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт доҕоругар, Василий Сорокиҥҥа туттарда.
Саала иһэ толору көрөөччүнэн туолла, манна Эдьигээн оройуонуттан төрүттээх биир дойдулаахтара тахсаннар эҕэрдэлээтилэр.
Оройуон баһылыга Василий Сорокин, күн-бүгүн интэринээт-оскуолаҕа аҕыс оҕо, үнүстүүккэ биир устудьуон үөрэнэрин ахтан ааста, кинилэринэн киэн туттарын, астынарын биллэрдэ.
Хоту дойду олохтоохторун ырыалара, үҥкүүлэрэ барыта дьиҥ-чахчы холку, элэккэй, көҥүл майгыларын туоһута, урут-уруккуттан ыһыктыбакка илдьэ кэлбит айылҕаларын хамсаныытын бүтүннүү сөҕө-махтайа, астына көрөҕүн.
“Бу испэктээкпитин кулун тутар 4 күнүгэр маҥнай Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар онтон кулун тутар 7 күнүгэр Дьокуускайга Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатыгар көрдөрдүбүт. Кэлэктииппит 18 киһиттэн турар ол онтон 7-тэ оскуола үөрэнээччилэрэ буолаллар. Роман Михайлович туһунан айымньыны, биэс сыллааҕыта анаан-минээн, ыҥыран аҕаламмыт, суруйааччы Айсиэн Дойдуга суруттарбыппыт. Инньэ гынан өссө Роман Дмитриев төрөөбүтэ 70 сылыгар бу испэктээкпитин Саха тыйаатырыгар оонньоон турардаахпыт. Олимпийскай чөмпүйүөммүт Эдьигээҥҥэ Бэстээх диэн кыракый бөһүөлэктэн төрүттээх киһи, ипсэктээкпит сүрүн чааһа ол онно көстөр оҕо сааһыттан саҕаланар. Сойууска чөмпүйүөннээн кэлиитэ көстөр. Бииргэ үөрэммит доҕотторунаан быстыспат ситимэ ойууланар. Иккис хартыынатыгар, хайы сах сиппит-хоппут, Олимпийскай чөмпүйүөн буолбут Роман Михайловичпытын көрөбүт. Бу испэктээк сүрүн идиэйэтэ диэн Роман Дмитриев ол кэмҥэ СӨ Ил Түмэнигэр дьокутааттыы сылдьан Айыы үөрэҕин оскуола бырагыраамматыгар киллэрэ сатаабытын көрдөрүү буолар. Инньэ гынан бу кылгас испэктээкпитигэр сахалыы сиэри-туому киллэрэн көрдөрө сатаатыбыт. Биллэн туран биһиги, идэтийбит артыыстар буолбатахпыт, уус-уран самодеятельность диэххэ сөп. Биһиги Чурапчыга өссө 2017 сыллаахха, Эдьигээҥҥэ өр кэмҥэ райсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Николай Васильевич Шеваков испэктээгин туруоран сайын кэлэн барбыттаахпыт. Эдьигээннэр уонна Чурапчылар ситиммит биир курдук, биир үгүс көһөрүүнэн да буолуо, Чурапчы туһунан биһиэхэ өйдөбүнньүк пааматынньыктар бааллар, Чурапчы улууһуттан анаратах кийииттээн, күтүөттээн да хаалбыт дьон үгүс, онон ситимиит ыкса. Сүрүн оруолга, олимпийскай чөмпүйүөн оҕо сааһын 6 кылаас үөрэнээччитэ Арсен Ксенофонтов оҕо оонньуур, онтон улааппытын кэнниттэн улууспут Аҕа баһылыга Василий Николаевич Сорокин оонньуур. Чолигда диэн эбэҥки тылыттан элбэх кэпсээннээхтэр, көрдөөхтөр-күлүүлээхтэр диэн суолталаах. Биһиги биир үгүс комедия жанрын көрдөрөөччүбүт”, — диэн “Чолигда” драматическай кэлэктиип режиссера Туяра Владимировна Егорова кэпсээтэ.
Икки көстүүлээх испэктээккэ, артыыстар Роман Дмитриев оҕо сааһыттан саҕалаан улаатан улахан ыспарсымыан, үлэһит киһи буолбут уобараһын толору арыйдылар. Бэрт кылгас кэрчик кэм иһигэр сахалыы сиэри-туому, дьиҥнээх доҕордуу сыһыаны аһаҕастык көрдөрдүлэр, быыһыгар ыччаты үгүскэ үөрэтэр тыллар иһилиннилэр. Манна сүрүн оруолу толорооччу Василий Сорокин, бэйэтэ успуорт маастара буоларын быһыытынан тустууга албастары чаҕылхайдык көрдөрдө.
Испэктээк бүтүүтүгэр саалаҕа мустубут Чурапчы улууһун олохтоохторо туран эрэн ытыстарын тыаһын бэлэхтээтилэр. Оонньуу саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри улууспут дьаһалтатыттан баһылык Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, улуус баһылыгын солбуйааччылар Мария Кронникова, Алексей Лобанов, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ Гаврил Владимиров, Александр Саввин, интэринээт-оскуола иитиллээччилэрэ, улуус уопсастыбаннаһа, Чурапчы орто оскуолатын учууталлара, Чурапчыга олохсуйбут Эдьигээннэр биир дойдулаахтара, култуура үлэһиттэрэ бука бары астына, дуоһуйа көрдүлэр.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ