Сунтаар улууһун Уһун Күөл ытык кырдьаҕаһа Ньукулай Игнатьев бу сайын устата 100 ытыгы оҥорбут.

Аны бу ытыктар атыыга буолбакка, кэргэнигэр Татыйааска: «Атыылаама, бэлэхтэтэлээр!», — диэн сорудаҕынан, Сунтаарынан, Тааттанан, Чурапчынан, Уһун Күөлүнэн, Москванан тарҕанан,  ыалларга күндү бэлэхтэр буоллулар.

Татыйаас холоонноох доҕорун илиитин сылааһынан угуттаан уһаммыт ытыктарын бэлэхтээн утары уунардаах саҕа үчүгэй суоҕун итэҕэйдим диир.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ