Амарах санаа, абыраллаах быһыы-майгы… Бу дорҕоон алтыһыыта, тыл майгыннааһына эрэ буолбатах, бу бэйэтэ туһугар хоһоон ырыа курдук сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайар тыллар. Амарах санаалаах абыраллаах, быыһыыр, өйүүр-өйдүүр, көмө-тирэх буолар.
Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас! Бар дьон, оҕотун аһынартан хараҕын уутунан түүннэри суунар элбэх оҕолоох ийэ барахсаҥҥа, күүстээх санаалаах эдэркээн киһиэхэ күн-ый буолан көмөлөһүөҕүҥ!
Светлана Иннокентьевна бииргэ үлэлиир кэлэктиибин суругун ис хоһоонуттан билиһиннэрэбит:
Күн киһитэ көмүскэс диэн санаанан салайтарар үтүө дьонҥо көрдөһүүбүтүн ыытабыт. Биһиги “Туллукчаан” уһуйаан биир тутаах, киэн туттар эдэр үлэһиппит, түөрт оҕо амарах ийэтэ, тапталлаах кэргэн, кэскиллээх үлэһит Светлана Иннокентьевна Попова 2022 сылтан улахан ыарыыга ыллаттаран биир сыл устата эмтэннэ. Хомойуох иһин быйыл, 2024 сылга ыарыыбыт рецидив биэрэн түргэн туттуу, оперативность наада буолла. Светлана ыарахан ыарыыга ылларан, суһаллык Кореяҕа эмтэнэ барар буолбутунан бар дьоммутуттан кыһалҕаҕа ылларан, көмө көрдөһөөрү таҕыстыбыт. Биһиги Светланабыт олоххо тардыһыытынан, күүстээх санаатынан, эһиги көмөҕүтүнэн эмтэнэн, бэттэх кэлэн төрөөбүт дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр эрэнэбит.
Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ!
Получатель: ПОПОВА СВЕТЛАНА
ИННОКЕНТЬЕВНА
Номер счёта: 40817810876000443390
Банк получателя: ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ
N8603 ПАО СБЕРБАНК
БИК: 049805609
Корр. счёт: 30101810400000000609
ИНН: 7707083893
КПП: 143502001
Мобильный банк: Сбербанк, Росбанк, АЭБ
Санатан эттэххэ, ыам ыйын 19 күнүгэр, киэһэ 18 чаастан “Айылгы” НАДь-гэр “Дьиэрэҥкэй” оҕо норуодунай үҥкүү ансаамбыла сезонун түмүктүүр дьоно тэрээһинэ буолара былааннанар. Киирии билиэт 300 солкуобай, б.т. 89841071998. Кэнсиэртэн киирбит үп-харчы Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕугар Светлана Иннокентьевна Попова ыарахан ыарыыттан эмтэнэ барарыгар ананыаҕа.
Сэмэн Жендринскэй