“Инвастартап ВОИ: Илин Уһук — 2024” сүлүөт бэҕэһээ о.э балаҕан ыйын 4 күнүгэр Дьокуускай куоракка Москуба, Тюменскай, Новосибирскай уобаластары уонна Камчатскай кыраайы хабан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон бэйэ дьарыктаах буолуутугар уонна урбаан хайысхаларыгар сатабылларын сайыннарар итиэннэ олох хаачыстыбатын үрдэтэр сыаллаах үлэтин аһыллыыта үрдүк таһымҥа буолан ааста.
Сүлүөт кэмигэр араас сэминээрдэр, быыстапкалар буоллуллар. Бастакы күн Емельян Ярославскай аатынан түмэли көрөн, Дьокуускайбыт саҕаланыытын, кини тула олус интэриэһинэй булуулары, бастакы саҕаланыылары илэ истэн, көрөн түмүктээтибит. Чурапчы улууһуттан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтүн салайааччыта Саргылаана Николаевна Хоютанова уонна адаптивнай успуорт бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Константинович Матвеев салайааччылаах 7 кыттааччы үлэтэ турда.
Саргылаана Николаевна, Иннокентий Константинович кыттааччыларын улуустан куоракка тиийэ буор босхо тиэхэньикэнэн хааччыйаннар, кыттааччыларын махтала муҥура суох. Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар Мырылаттан Леонид Собакин (мүөт), Хатылыттан Павлов Гаврил (соцконтракт муз/оборудование), Чурапчы сэлиэнньэтиттэн урбаанньыт, тутуунан дьарыгырар Дария Иванова (тутааччы быһыытынан үс бааны кытта дуогабардааҕа олус үрдүктүк сыаналанар эбит), Саргылаана Хоютанова мороженай оҥорон атыыга таһаарар хайысхалара, уонна кини оҕото эдэркээн Дарина Хоютанова туой оҥоһуктара, өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар дьарыкпытын — тыа хаһаайыстыбатын салаатынан Алаҕартан Афанасий Федорович Гоголев, Дириҥтэн Старостин Максим Максимович үлэлэрэ-хамнастара стендовайынан, Кытаанахтан Михаил Пономарев (“Түһүлгэ” НАДь ( директор Пономарева АВ.) иһинэн үлэлиир “Сыккыс” Кытаанахтааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүтүн чилиэнэ (сс ал. П.В.Новгородова) “Өбүгэни утумнаан” оҥорон таһаарыы мастарыскыайын тэринии бырайыагын чэрчитинэн өбүгэ иһитин-хомуоһун быыстапката дьон интэриэһин тартылар.
Бу улахан тэрээһиҥҥэ аҕыйах улуус маастар кылаас ыыппытыттан биһиги Михаилбыт өбүгэ иһиттэрин хайдах маһынан, хайдах быһыылаахтык оҥороллорун кэпсээн, кистэлэҥнэрин үллэстэн истээччилэр сэҥээриилэрин, болҕомтолорун тарта. Биир дойдулаахтарбыт, Чурапчылар кэлэн быыстапканы көрөн, сэҥээрэн бардылар, ол иһигэр Чурапчы сэлиэнньэтин баһылыга Владимир Сивцев куоракка киирэ сылдтар буолан быстаака буоларын истэн, кэлэн көрөн ситиһиини баҕаран барда. Кыттааччылар элбэҕи көрөн билэн инникитин өссө күүскэ оҥостон кыттыахтара, уонна айар, оҥорон таһаарар модьу санааларыттан үөрэбит, киэн туттабыт, ситиһиилэри баҕарабыт.
Кыттааччы, арыаллааччы Лена Пономарева
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй