Чурапчылар “Хапсыһыы” киинэни ылымматылар: “Суох! Ити биһиги Карповпыт буолбатах!”

Бэҕэһээ, Чурапчы нэһилиэгэр, Иван Кандинскай аатынан “Айыллаан” култуура киинигэр Саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов айымньытыгар олоҕуран, эдэр режиссер Никандр Федоров-Эр Санаа Ох-Хотор уһулбут “Хапсыһыы” киинэтин көрүү буолла.

Уус Алдан Бэйдиҥэтиттэн төрүттээх талааннаах режиссер, бу бастакы киинэ-премьерата буолбатах, ити иннинэ кини “Миигин кытта үҥкүүлээ”, “Оҕо саас” диэн киинэлэринэн көрөөччүгэ биллибитэ. Олунньу 22 күнүгэр, “Хапсыһыы” киинэ тахсыбыт күнүгэр, Эр Санаа, “Сахамедиа” хампаанньаҕа пресс-кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылбыта онно: “Киинэ олус табылынна, билиҥҥи бириэмэҕэ бу мин бастыҥ үлэм буолар. Бу киинэни устаары 5 сыл бэлэмнэммитим. Аан дойдуга көҥүл тустуу туһунан киинэ элбэҕэ суох, онон бу киинэ устуоруйаҕа биир бастыҥ хартыына быһыытынан киириэҕэ. Саха көрөөччүтэ киинэҕэ тугу да быһаарсыбат. Кинилэр “чэ буоллун, уолаттары киһи аһынар, куһаҕана суох киинэ” дэһэллэр. Киинэ диэн кинилэр өйдөбүллэригэр “Титаник”, “Зеленая миля”, “Форест Гамп”, “Назад в будущее”, “Звездные войны” о.д.а. Биһиэхэ итинник киинэ өссө тахса илик. Сотору кэминэн “Я — возмездие” диэн саҥа киинэм тахсыаҕа, бу эмиэ да кэмиэдьийэ, эмиэ даҕаны боевик. “Санаа синема” хампаанньаҕа саҥа бырайыактара олус элбэх. Туох баар киинэҕэ барытыгар мин бэйэм уһуллабын уонна ол киинэлэр саха киинэтин устуоруйтагыра бука бары супер ситиһиилээх, саамай крутой буолалларыгар эрэнэбит. “Хапсыһыы” киинэ онно барытыгар саҕалааһын эрэ”, — диэн эдэр-эдэр курдук ахсымнык этиммитэ биллэн туран өйдөнөр.

“Айыллаан” киинэ тыйаатырын саалата “ыы-быччары киһи этэ” диир кыахпыт суох, ол эрэн балай эмэ киһи кэлэн көрөн тарҕастылар. “Хапсыһыы” кэнниттэн саала иһиттэн үмүөрүһэн тахсан иһэр дьон сирэйин-хараҕын көрдөххө хартыынаны сөбүлээбэтэхтэрэ тутатына биллэрэ. Өссө ордук режиссер Никандр Федоровы кытары аһаҕас кэпсэтиигэ биир-биир тураннар санааларын этиннилэр.

“Киинэни көрөргө, биһиэхэ Чурапчыларга ыарахан соҕус буолан биэрдэ. Биир бэйэм соччо ылымматым. Хайдах эрэ бу кэмҥэ “биир даҕаны үчүгэй саха киһитэ суох дуу” диэх курдук санааны үөскэттэ, барыта арыгылааһын, биир даҕаны үчүгэй салайааччы суоҕун курдук, биир даҕаны Вячеслав Карповпытыгар үтүөнү баҕарар киһи суоҕун курдук ойууламмыт. Эдэр ыччаттар наар бары арыгы иһэллэр, ити кэми аһары утары туруоруу курдук ылынным. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, ити кэмҥэ дьиҥэр туох баар улахан үлэһит дьоммут олорон аастахтара. Онон бу кэми куһаҕан эрэ өттүнэн көрдөрүллүбүт дуу диэн санаатым. Биһиэхэ, Карповы билэр дьоҥҥо, көрөргө сүрдээх ыарахан буолла”, — диэн СӨ култууратын туйгуна, норуот ырыаларын толорооччу, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Наталья Захарова биир бастакынан этиннэ.

“Бу киинэ тустуу да, успуорт да дьаныардаах дьарык даҕаны, чыпчаалга дьулуһуу да туһунан буолбатах. Дойду (СССР) чөмпүйүөнэ курдук өрөгөй ситиһиилэнэн баран, улахан ааттаах ыспарсымыан, олох дьэбэрэтигэр умса түһүүтэ ойууланар. Хаһан? Тоҕо? Ханнык кэмҥэ? Туохтан сылтаан? Маннык үтүө киһи арыгыны талла? Тоҕо барытыгар иитэн таһаарбыт тириэньэрин буруйдаата. “…улаатымсыйан тураҕын… Улуу Куоркун…” диэн этиини кулгааҕым таһынан аһардым. Ама сценарист итинник суруйбута буолуо дуо? Ама дьарыктаммыт, көмүс тэҥэ саныыр турниктарын аттыгар кэлэн арыгыны хантаппыта буолуо дуо?.. Баҕар, киинэҕэ күүркэтии ирдэнэрэ буолуо, омуннааһын, көрөргө ордук буоллун диэн, охсуһуу, дьону өлөрө сыһан баран, бэрт нэһиилэ уоскуйуу, быдьар үөхсүү, маатыра… бу барыта Карпов дуо? Бастыҥ уонна бастакы Карпов дуо? Суох! Кини буолбатах! “Хапсыһыы” киинэ уйулҕа туһунан, ханнык да идэлээх буол, ким да буол, саҥа үүнэн эрэр ыччат, арыгы, наркомания суолугар турума, арыгыттан тэйиччи буол. Маннык суолга эйигин ким баҕарар тириэрдиэн сөп: “доҕотторуҥ”, өстөөхтөрүҥ, биир үөлээннээхтэриҥ уонна хомойуох иһин, салалта… Итинник сүрүн санааны ылынным”, — диэн Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын уонна литэрээтирэтин учуутала Сардаана Гоголева эттэ.

“Эдэр киһи буоларын быһыытынан өскөтүн кириитикэ киирэр буоллаҕына толору истиэххин наада. Оҥорон, сыалгын ситиһэн бараҥҥын – үчүгэй диэн олорбоккор баҕарабыт. Татьяна Петровнаны уонна Вячеслав Павловыһы кытары алтыһан, бииргэ манна хаамса, сиэттиһэ сылдьан олохпутун олорон кэлбит дьон буоллахпыт. Киинэ былаһын тухары киҥнээх буолуу, таҥнары түһүү көстүбүтэ дьулаан соҕус. Холобура, бу үчүгэй баҕайы бырайыак куһаҕан, дьэбэрэ өттө көһүннүн гынан баран ол онтон хайдах кини бэйэтин күүстээх санаатынан өрө тахсыбытын дьоҥҥо, норуокка аптарытыатын, хаһан даҕаны “түспэтэҕин” биһиги көрүөхпүтүн баҕарбыппыт. Эн бэйэҥ кинигэни эрэ аахпытым диэҥҥин онно эрэ сигэнниҥ. Онтон бу киинэни улахан араҥаҕа таһаарарга бары өттүттэн көрүөххэ сөп этэ. Чурапчыны иилии-саҕалыы, кинини кытары көрсүспүт, алтыспыт, үөскээбит уонна ити кэмҥэ олорбут дьону барыларын кытары сүбэлэстэххэ туох эрэ арыый даҕаны боччумнаах хартыына тахсыан сөп курдук санаатыбыт. Биһиги биллэн туран соһуйдубут, киинэни былаһын тухары көрөргө ыарахан. Наталья Гаврильевналаах этиммиттэригэр сөбүлэһэбит. Биир көрүүгэ үчүгэй-куһаҕан киирсиилэрин табатык туруорар хайаан даҕаны наада. Аҥардас ыараханынан эрэ буолбакка, тохтоло суох иһэр, тохтоло суох диэн буолбакка итиннэ киһи арааһынайдаан толкуйдуур. Итиннэ даҕатан эттэххэ, Бөтүрүөбүскэ киҥнээх сыһыана, төһө даҕаны уус-уран киинэтин иһин харса суох буолбакка, дьон-сэргэ бэйэтэ ылынарын курдук сыһыаннаһыахха сөп этэ. Олимпийскай чөмпүйүөммүтүн Роман Дмитриевы кытары тэбис-тэҥҥэ сылдьан, өрө тутан кэлбит киһи буоллаҕа дии. Онуоха ити уобараспыт ол истиҥ табаарыстыы сыһыаны сотон кэбиспит курдук көһүннэ, уот диэн ол оннук суолталаах буоллаҕа. Бөтүрүөбүскэ тиийэн тиэргэнин үлтү тэпсэн итинник гынар диэн сиэргэ баппат. Үчүгэй эрэ өттүттэн көрөн, быыс-хайаҕас булан ол онтон тахсара көстүбүтэ эбитэ буоллар дьоҥҥо чахчы туһалаах буолуо этэ. Эн туһалааҕы оҥороору гынар буоллаҕын дии. Ону оттон эдэр киһигин, онуоха элбэхтик ырыттараҥҥын  уонна ырытыллыбыт сыанабылы тоҕо итинник диэтилэрий диэҥҥин, хайдах эрэ ол өттүгэр хайыһа түһэриҥ эбитэ буоллар. Инникитин киинэҕэ сыстаҕас буолуох эбиккин гынан баран ити инники этиллибит өрүттэри үчүгэйи, куһаҕаны барытын сөптөөхтүк көрдөрөн, дьону батыһыннарар гына, туохха эмэ үөрэтэр, угуйар гына үлэлиириҥ буоллар”, — диэн СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, улуус 2,3,4 ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, “Мичил” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Марианна Яковлева эттэ.

“Бу киинэни көрөөрүбүт оҥостон уонна оттон санаабытын үллэстээри кэлэн олордохпут. Бастатан туран Чурапчыга – бу киинэ көстүүтэ хайаан даҕаны наадалаах этэ, Чурапчы дьонун-сэргэтин санаатын истэр эмиэ суолталаах. Этэргэ диэри араас көлүөнэ дьон кэлэн олоробут. Биһиги холобура Татьяна Петровналаах көлүөнэлэригэр ордук чугаспыт, эдэр көлүөнэттэн Сардаана Николаевна кэлэн санаатын эппитэ олус үчүгэй. Онон барыта биир киһи, биир көлүөнэ этиитэ диэн буолбат. Бэйэм көрүүбэр социальнай хабааннаах киинэ диэн буолла. Ол эрэн төһө даҕаны социальнай суолталаах буоллар, хас биирдии киһи личность быһыытынан арыллыахтаах. Бу улуус дьоно, Вячеслав Карповы бэйэтин кыайбыт киһинэн сыаналыыбыт. Олоххо түһүү да, тахсыы да баар онно саамай уратыта диэн кини онно аһаҕастык дьонун кытары санаатын үллэстиитэ ити кинигэлэригэр көстөр. Улахан үөрэтэр суолталаах кинигэлэр, ыспарсымыаннарга эрэ буолбакка ханнык баҕарар саха киһитигэр тиийимтиэ. Итинник диэн этэн туран, мааҕыын кэллиэгэм Марианна Николаевна сөпкө эттэ. Биһиги Вячеслав Карповы, аныгы ыччаттар тылларынан эттэххэ “боевик” курдук ылыммат этибит, сүрдээх сиэрдээх киһи быһыытынан сыаналыыбыт. Хайдах эрэ “наһаа даҕаны билбэт эбиппин” диэн өйгө-санааҕа кэлиэххэ диэри, ол эрэн кини итинник киһи буолбатах этэ. Өйүм-санаам барыта ити көстүбүтү бүтүннүү утарар. Урукку да уолаттарга, уопсайынан саха эр дьонугар наһаа итинник, бэйэҕин кытары тэбис-тэҥҥэ дьарыктаммыт, табаарыстаспыт киһигин “түһэрии” диэн хаһан даҕаны суоҕа. Сиэргэ баппат. Аны Татьяна Петровна туһунан эттэххэ, Саха дьахтарыгар улахан Далбар Хотун, бука бары убаастыыр киһибит. Кини баар буолан Карпов чахчы чөмпүйүөн. Олоҕун аргыһын өйөбүлүнэн, оҕолордонон, сиэннэнэн, төһө даҕаны улаханнык ыарыйдар дьон-сэргэ ортотугар дьоһуннаах олоҕу олорон барбыт киһи буоллаҕа. Ити киинэҕэ көстөрүн курдук, Татьяна Петровна, Кэрэчээнэ курдук приемнары эҥин көрдөрбөтөҕө буолуо, баҕар уобарас итинник буолуохтааҕа эбитэ дуу… Татьяна Петровнаны олох эдьиийим диэн ааттыыбыт, “оо дьэ, наһаа даҕаны муода диэммин” сатаан эмиэ ылымматым. Вячеслав Павлович кыыһын Айталинаны кытары санаа үллэһинним. Киинэ саҕаланыытыттан “обидно за Державу” диэн санааттан тахсан барыахпын санаталаабытым ол эрэн тугунан түмүтэнэрэ буолла диэн санаа эрэ тутан хаалбыта. Түмүгэ эмиэ аҥарадас хаартысканан, суруганан эрэ буолбакка ситэритин көстүбүтэ эбитэ буоллар. Элбэх баҕайы күүркэтилээх түгэннэр, үөхсүү, маатыры баара, ону төһө даҕаны уус-уран буолбутун иһин киһи өйүгэр санаатыгар итинник хаалан хаалбакка дьиҥнээх бэйэтэ элбэхтэ баара эбитэ буоллар. Ханнык баҕарар айымньы арааһынай көрөөччүлэрдээх буолар, мөккүөр син биир үөскүүр, дьон барыта 100% хайҕаабат. Онон инникитин киһи үчүгэйгэ, сырдыкка кэлиитин хайаан даҕаны салҕаан көрдөрөр тоҕоостоох. Айар үлэҕэр ситиһиини, санаа аһаҕастык этилиннэҕинэ эрэ киһи сайдар, итини таба өйдүү сатаа. Бу эйигин режиссеру, түһэрэн дуу, намтатан дуу сыаллаах буолбатах инники айымньылаах үлэҕэр өссө эбии санааларын үөскэттин”, — Чурапчы улууһун мунньаҕын дьокутаата, Прасковья Борисова аатынан “Улыбка” оҕону сайыннарар киин-уһуйаан сэбиэдиссэйэ Екатерина Иванова санаатын үллэһиннэ.

“Татьяна Петровнаны кытары тэҥҥэ алтыһан, биир паартаҕа үөрэнэн кэлбит киһибин. Бу Федоровтарга өрүү сылдьар, мэлдьи алтыһар ыалбыт этэ. Дмитрий Петрович Одьулуунтан кэлэн, Чурапчы орто оскуолатыгар тириэньэрдии сылдьара. Тустуук уолаттар бары интэринээккэ олорбуттара олору кытары ити тэҥҥэ олорбуппут. Бөтүрүөбүһү аҥардас көрөн даҕаны киһи толлор киһитэ этэ. Уолаттар кини тылыттан олох тахсыбат этилэрэ уонна сарсыарда аайы, оччолорго барыта оһох буолан, букатын 6-7 оһох турара ону сарсыарда аайы уолаттар уочаратынан мас хайытар буолаллар этэ. Сылаабык сүрдээх эйэлээх, бэйэтэ туспа көрүүлээх, кытаанах санаалаах буолааччы. Ол кэмҥэ гастролга сылдьыталаан турардаахпыт, онно кини тас дойдуларынан сылдьан кэлбит киһи буолан култууратын таһымынан быдан үрдүгэ. Онно массыына кэтэһэ таарыйа кини биһиэхэ хотой үҥкүүтүн эҥин көрдөрөн, бастаан итинник гыныахтаахтык диэн күлэн туһуннарар этэ. Онтон кини 10-ка үөрэнэ сылдьан биир сыл 10 төгүл чөмпүйүөн буолбуттааҕа. Итинтин быыһыгар сүрдээх көрүдьүөстээх тыллаах-өстөөх бэһиэлэй киһинэн ааҕабын. Кэлин үөрэнэн кэлэн бараммыт истэбит “Сылабыкпыт ол оннук сыыһа туруммут, куоракка онно көрбүттэр үһү, манна көрбүттэр үһү” диэн истэммит сүрдээҕин хараастар этибит. Чэ онтон ити барыта олоххо оҕустарыы буоллаҕа дии. Ол эрэн төһө даҕаны оҕустарбытын иһин үөһэ тахсыыта ити күүстээх санаалаах киһиттэн эрэ тахсар. Киинэҕэ хараҥа өттө арыый кылгас соҕус буолан баран кэнники сырдык өттүн элбэхтэ көрдөбүккүт буоллар бэрт буолуох эбит. Оҕолорго көрдөрөр да буоллахха, киинэ кэнниттэн быһааран өйдөтүүлээх буоллаҕына ордук буолууһу. Үчүгэй өттө киэҥник көстүбүтэ буоллар. Маатыры тыла наһаа элбэх, Карпов ханнык даҕаны түгэҥҥэ итинник гымматын билэбин. Бөтүөрүөбүс кинилэргэ улахан аптарытыат этэ, ону ити тириэньэригэр итинник ынан тиийбэтэх киһи. Онтон эдэр киһи үлэҥ-хамнаһыҥ иннигэр, ону оттон өссө дааҕны дьон санаатын истэҥҥин, сөптөөх түмүктэри оҥостуоҥ”, — диэн Болтоҥо нэһилиэгиттэн Анна Слепцова баҕа санаатын тиэртэ.

Манна дьон-сэргэ сүрүннээн Роман Дмитриев туһунан ыстатыйаны уокка быраҕан уматыытын, ордук саныыр хос санааларын, Бөтүрүөбүс тиэргэнигэр кэлэн айдаарыытын, табаарыһын сидьиҥник кырбыы-кырбыы айаҕар кырыһы симиитин барытын аһаҕастык утардылар. Итиннэ барытыгар улахан, биллэр ыспарсымыаннары, успуор салайааччыларын, ону ааһан Татьяна Петровнаны кытары чугастыы сүбэлэспэтэхтэрэ улаханнык охсубут диэн сыаналыыбыт.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ