Бүгүн о.э. балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин аатынан “Ыспартыыбынай Албан Аат” мусуойугар улахан тэрээһин буолан ааста. Куттал суох буолуутун сулууспатын отставкаҕа полковнига, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, успуорт бэтэрээнэ Лыткин Сергей Васильевич сырдык аатыгар анаммыт, саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтин биһирэмэ үгүс киһини муста.

Элбэх ахтыылаах, Сергей Лыткин чаҕылхай олоҕун бары кэрчиктэрин хабар аҕыс түһүмэхтээх, элбэх сэдэх хаартыскалардаах – өйдөбүнньүк быһыытынан “Сайдам” кинигэ кыһатынан бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан улуустааҕы библиотечнай ситим сүрүн бибилэтиэкэрэ, СӨ култууратын туйгуна Валентина Лонгинова олус үчүгэйдик билиһиннэрдэ.

Былырыын, бэс ыйыгар олохтон туораабыт сүдү киһини кэриэстээн, киниэхэ сүгүрүйэн бу тэрээһиҥҥэ үгүс киһи муһунна. Бииргэ үөрэммит, аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт доҕотторо, биир дойдулаахтара, бииргэ төрөөбүт кыра быраата Валерий Лыткин, успуорт бэтэрээннэрэ, уопсастыбаннас, интэринээт-оскуола үөрэнээччилэрэ. Көрсүһүү хаһан баҕарар буоларыныы, истиҥ быһыыга-майгыга барда.

Сергей Васильевич олоҕун, үлэтин туһунан эрдэ этиллибитин курдук элбэх ахтыы оҥоһулунна. Ол курдук, мусуой салайааччыта Егор Пудов,

улуус успуорка бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Герасим Платонов,

көҥүл тустууга Сойуус чөмпүйүөнэ, оһуохайдьыт, алгысчыт Семен Морфунов,

Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Алексей Лобанов,

Чурапчы улууһун дьаһалтатын успуорка управлениетын начаалынньыга Дьулустан Егоров,

Сергей Лыткин бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Анна Слепцова,

аймахтар ааттарыттан Екатерина Егорова,

Иннокентий Лыткин, аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт табаарыһа Егор Попов,

Чурапчытааҕы сылларыттан Виталий Неустроев, Михаил Ефремов, Виктор Дьяконов, Платон КоркинСергей Васильевич киһи, доҕор, үлэһит быһыытынан майгытын, олоххо сыһыанын, көрүүлэрин туһунан дьоһун ахтыылары оҥордулар.

Кинилэр бары биир киһи курдук, Сергей Лыткин оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх бэрээдэктээҕин, үтүө майгылааҕын, үчүгэйдик ыллыырын, Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркиҥҥа уһуйуллубутун, кимиэхэ баҕарар көмөҕө кэлэргэ бэлэмин бигэргэттилэр.

ЫСПЫРААПКА

1966 сыллаахха Ефим Курашов аатынан Чурапчы орто оскуолатын бүтэрэр;

1965 сыллаахха – көҥүл тустууга уолаттарга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ;

1964-65 сылларга “Урожай” уопсастыба икки төгүллээх чөмпүйүөнэ;

1965 сыллаахха уолаттарга Сойуус чөмпүйэнээтин кыттыылааҕа (5 миэстэ);

1966 сыллаахха – 63 киилэҕэ улахан дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ боруонса призера;

1969 сыллаахха – Чуумпу Акыйаан флотун чөмпүйүөнэ;

1971-75 сылларга Харьков уобалаһыгар первенство чөмпүйүөнэ уонна Украинаҕа “Буревестник” уопсастыбаҕа ыытыллыбыт көҥүл тустуу күрэҕин призера. Дойду үрдүкү юридическай үөрэхтэрин кыһаларын табаарыстыы көрсүһүүлэригэр самбоҕа чөмпүйүөн;

Көҥүл тустууга 1-кы ыспартыыбынай разрядтаах этэ.

Бэлиэ түгэҥҥэ Сергей Васильевич быраата Валерий Васильевич, кэлбит ыалдьыттарга махтанан туран хас биирдиилэригэр кинигэни бэлэх туттарда: “Биһиги биэс бииргэ төрөөбүттэрбит, убайым Сергей Васильевич 1947 сыллаахха, сэтинньи 26 күнүгэр күн сирин көрбүтэ.

Аҕабыт Лыткин Василий Сергеевич Чурапчытааҕы педучилищены бүтэрэн баран, Амма оройуонугар тиийэн үлэлии сылдьан 1942 сыл сэтинньи ыйыгар сэриигэ ыҥырыллан барар. Ол баран иһэн Аллара Бэстээххэ дьоно Хоту көһөрүллүүгэ айаннаан иһэллэрин көрсө түһэр. Ону дьэ уолбутун сэриигэ атаарабыт диэннэр эбэни оҥочонон туоратаннар ол онно түспүт хаартыскалара барыта кинигэҕэ киирдэ. Итиннэ биһиги эдьиийбит, аҕам балтыта Лыткина Анастасия Петровна оччотооҕуга 8-с кылаас үөрэнээччитэ ити хаартыскаҕа эмиэ түһүспүт. Убайым сэрии кэнниттэн күн сирин көрөр, кинини сүрдээҕин таптааннар “Кырачаан” диэн ааттыыллар. Оччолорго биһиги дьоммут бары алаастарынан тарҕанан олороллор, онно Сэргэй төрөөбүт алааһа Атырдьах диэн сир буолар. Сергей Васильевич кыра сааһыттан чаҕылхай эбит, үөрэҕэр да үчүгэй уонна 8-с кылааһы бүтэрэригэр оройуон күрэхтэһиитигэр Дмитрий Петрович бэлиэтии көрөн Чурапчы орто оскуолатыгар үөрэххэ ыҥырар. Оччотооҕуга тустуу бастакы секцията Чурапчы орто оскуолатыгар эрэ үлэлиир, онтон салгыы бастакы ыспартыыбынай оскуола диэн ол онно арыллар. Инньэ гынан Сергей Васильевич 1966 сыллаахха Чурапчы орто оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон кэргэнэ Шура Куличкина эмиэ ити сыл орто оскуоланы бүтэрэр итиэннэ иккиэн оскуола Бочуотун кинигэтигэр киирэллэр. 1967-70 сылларга Сергей Васильевич муора флотугар сулууспалаабыта, онно “Дмитрий Пожарскай” диэн Кыһыл Знамялаах Чуумпу Акыйаан флотун матроһунан буолбута. Онно кини икки улахан учениеҕа сылдьар, итинтэн бииригэр 7 ый уустан Индийскай акыйаанын, Индиянан, Пакистанынан, Ирагынан, Иранынан барытынан сылдьыбыттар. Ол онтон таламмыт элбэх хаартысканы манна киллэрэ сатаатыбыт.

1966-67 сылларга, Дмитрий Петрович манна хаалларан, тириэньэр-баспытааталынан үлэлэппит, ити барыта Роман Дмитриевтаах, Владимир Андросовтаах, Николай Захаров-Сахааччалаах выпустарыгар эбит. Онтон аармыйаттан кэлэн баран дойдутугар, Алаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физкултуура учууталынан үлэлээбитэ, онно киниэхэ сыстан устунан интэринээт оскуолаҕа үөрэнэ кэлбитим.

Онон буайым миигин үөрэппитэ элбэх, ол курдук аан маҥнайгы хайыһары кини миэхэ кэтэрдибитэ, тустарга кини үөрэппитэ, үөрэхтээх киһи буоларбар сабыдыала сүрдээх улахан”.

Кинигэ сүрэхтэниитин кыттыылаахтара, кинигэни бэрт кылгас кэм иһигэр түргэнник оҥорон, бэчээттэтэн таһааттарбыт Сергей Васильевич Лыткин кэргэнэ Александра Петровна Лыткинаҕа уонна бииргэ төрөөбүт быраата Валерий Васильевич Лыткиҥҥа – хаһан да сүппэт-симэлийбэт кэриэстэбил үтүө өйдөбүнньүгү күн сирин көрдөрбүттэригэр дириҥ махталларын биллэрдилэр.

Үтүө киһи, эрэллээх доҕор, улахан үлэһит Лыткин Сергей Васильевич аатын үйэтитии өссө да салҕаныаҕа. Кинигэ сүрэхтэниитигэр эппиттэрин курдук, аны сотору кэминэн төрөөбүт Алаҕарыгар Сергей Васильевич пааматынньыга туруоҕа.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ