Чурапчы улууһугар 2024 сылтан саҕалаан ылыныллыбыт “Ыал саргыта” бырагыраамма иитинэн бүгүн оройуоммут киинигэр, Ленин аатынан киин болуоссакка үөрүүлээх күн буолла!

Ол курдук бүгүн о.э. атырдьах ыйын 30 күнүгэр улууспут үс ыала, эр-ойох буолар аахтатын толороннор бэйэлэрин бастакы докумуоннарын илиилэригэр тутар үөрүүлээх түгэннэригэр ыалдьыттаатыбыт.

Ыал буолуу, бииргэ эн-мин дэсиһэн олох олоруу бу олохпут суруллубатах сокуоннара. Саха норуотун бэргэн этиитигэр “Үс саханы үөскэтэр, түөрт саханы төрөтөр” диэн этиллэр. Күн-бүгүн Чурапчыбыт улууһугар үс ыала бэйэлэрин олохторун устуоруйатын бу күнтэн ылата саҕалыыллар:

Мугудай нэһилиэгиттэн Милена Григорьевна уонна Федор Петрович Сивцевтэр,

Соловьев нэһилиэгиттэн Вероника Ивановна уонна Степан Афанасьевич Поповтар,

Болугур нэһилиэгиттэн Снежана Алексеевна уонна Анатолий Сергеевич Кузьминнар.

РФ гражданскай аахтатын докумуоннарын, СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн гражданскай аахтаны толорор (ЗАГС) Чурапчытааҕы салаатын салайааччыта Туйаара Шапошникова туттарда.

Саҥа ыаллары “Чурапчы улууһа” МО баһылыга Степан Саргыдаев эҕэрдэлээтэ, үтүө баҕа санаатын анаата уонна улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ суругу, сибэкки дьөрбөтүн уонна сэмэй бэлэхтэри туттартаата.

 

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаарытскаҕа түһэриитэ

Видео Наталья Сибирякова