СӨ Үбү-харчыны сөпкө туттууга регионнааҕы компетенциятын киинэ Чурапчы олохтоохторугар, оҕолорго анаан, дьаарбаҥканы тэрийдэ.
Нэһилиэнньэҕэ анаан налоговай сулууспа, Роспотребнадзор, полиция үлэһиттэрэ иһитиннэриилэри оҥордулар. Ол курдук, налоговай вычет туһунан, финансовай өҥөнөн туһанааччылар бырааптарын көмүскэнэргэ, түөкүттэртэн сэрэхтээх буоларга уонна үбү-харчыны сөпкө туттарга үөрэттилэр. Маны таһынан Саҥа дьылга дьиэ кэргэн үбүн экономиялаан, «Саҥа дьылга бэлэмнэнэбит» илиинэн оҥоһуктар маастар-кылаастара тэрилиннилэр.
«Бырайыакпыт кыра оҕолортон саҕалаан, хас биирдии дьиэ кэргэн үбүн-харчытын сөпкө туттарыгар туһуланар. 2030 сылга диэри Арассыыйа бары олохтоохторо «Стратегия развития финансовой грамотности» диэнинэн үбү-харчыны сөпкө туттарга үөрэниэхтээхтэр. Саха сирин олохтоохторо былырыын 750 мөлүйүөнү түөкүттэргэ албыннаттылар. Маннык угаайыга киирэн биэрбэт туһугар анал лекциялары ыытабыт. Маны сэргэ, Саха сирин олохтоохторугар үбү хайдах тутталларын билээри мониторины оҥоробут. Мониторинг нөҥүө тыа сирин олохтоохторо хайдах олороллорун, харчыларын хайдах тутталларын уонна туох тиийбэтин билиэхпитин баҕарабыт», — диэн киин салайааччыта Татьяна Борисова билиһиннэрэр.
Дьаарбаҥкаҕа Амма, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта улуустарыттан кыттыыны ыла кэллилэр. Нэһилиэктэртэн бизнес-инкубаторы үлэлэтэр оскуолалар бэйэлэрин быыстапкаларын туруордулар, оҥоһуктарын атыылаатылар.
Елена Макаринская,
Сэмэн Жендринскэй хаартыскалара,
Наталья Сибирякова видеота