Төрүт өбүгэбит удьуорун төрдүн ытык ситимин тутаммыт, сардаҥалаах сырдык санаанан салайтаран, өбүгэлэрбит өйүө гынан хаалларбыт үтүөкэн үгэстэрин инники күөҥҥэ тутан кыһарҕаннаах олохтоох кырыа кыһын кыйданыыта Чурапчыбыт нэһилиэгин Күрүө Тумугуһугар  “Байанай күрэҕин” үөрүүлээх арыллыыта буолла.

Чурапчы улууһуттан барыта холбоон 15 хамаанда кэлэн кыттыыны ыла сылдьаллар. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр, хайы сах үс түһүмэх о.э. буулдьа саанан ытыы, “АК-47” автоматы ыһыы-хомуйуу, булт тиэмэтигэр викторина боппуруостарын көрүҥнэрэ түмүктэнэн кыайыылаахтары наҕараадалаатылар.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, улууска Байанай күрэҕин бэдэрээссийэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Егоров, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, Чурапчытааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин начаалынньыга Михаил Догордуров, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Владимир Павлов эҕэрдэ тыллары эттилэр.

Улуус баһылыга Степан Саргыдаев: «Сааскы кус сезона чугаһаата. Быйылгы сылга эмиэ, Чурапчы улууһугар бастакы көҕөнү бултаабыт киһиэхэ, биир дьааһык ботуруону бэлэх быһыытынан туттарыаҕым», — диэн этиитин уолаттар улаханнык үөрэ иһиттилэр.

“Байанайбыт күрэҕэ инники диэки баран иһэрбитин, түмсүүбүтүн көрдөрөрүттэн, өссө дьарыктаах, өссө дьаныардаах буоларбытын дакаастаан иһэриттэн биһиги тэрийэр дьон улаханнык үөрэбит. Бүгүҥҥү күрэхтэһиибитигэр күммүт даҕаны туран биэрдэ, барыта этэҥҥэ ааһыа диэн саныыбыт. Бу күрэх түмүгүнэн улууспут сүүмэрдэммит хамаандатын тэринэммит муус устар 5-6 күннэригэр Дьокуускай куоракка түөрт көрүҥҥэ о.э ытыыга (карабин, тозовка, спортинг, сүнньүөх саа) уонна 6-с чыыһылаҕа түмүктүүр эстафета, чэй өрүүтэ, ойбону алларыы түһүмэхтэр Хатас сэлиэнньэтигэр ыытыллыахтара. Ааспыт сылга Нам улууһугарЧурапчыбыт улууһун хамаандата 1 миэстэ буолбута. Итиннэ даҕатан эттэххэ, бүгүн улууспут Аҕа баһылыга Степан Анатольевичка, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Дмитриевичка, биһиги уолбутун, бырааппытын, бу Чурапчы улууһун булчуттар күрэхтэригэр сүүмэрдэммит хамаанда чилиэнин Петр Захаровы чиэстээбиттэригэр бары ыспарсымыаннар, улууспут булчуттарын ааттарыттан дириҥник махтанабыт.

Күрэхтэһии тэрээһинин төһө кыалларынан табыгас гына оҥоро сатаатыбыт, “Чурапчы” ТХПК үлэһиттэрэ кэлэннэр итии аһылыгы астыы сылдьаллар”, — диэн бэдэрээссийэ бэрэссэдээтэлэ Алексей Гаврильевич эттэ.

 

Мантан салгыы булчуттар оллооҥҥо чэй өрөөһүнүгэр, улахан дьоҥҥо уонна оскуола оҕолоругар ойбону алларыыга, эстафета күрэҕэр күүстэрин холонуохтара.

 

Сэмэн Жендринскэй