Чурапчыга “Үөрүү” оҕо дьоҕурун сайыннарар киин 20 сылын бэлиэтээтэ

Устуоруйаны салҕааччылар

Хас биирдии оҕо дьоҕурун таба тайанарыгар, киһи буолан  үүнэн-сайдан тахсарыгар киниэхэ тулалыыр эйгэ, уопсастыба сүҥкэн оруоллаах. Маныаха, Дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас,  улууспутугар Ыал саргытын сылларынан, “Үөрүү” оҕо дьоҕурун сайыннарар киин тэриллибитэ 20  сыллаах дьаһалын чэрчитинэн оҕолор күүстэринэн туруоруллубут кэнсиэрт үрдүк таһымҥа ыытылынна.   

Устуоруйа быыһын сэгэтэн көрдөххө, өссө 90-с сыллар саҥаларыгар  Мугудай оскуолатын иһинэн Ивановтар дьиэ кэргэн “Баҕа санаа” диэн оҕо дьоҕурун сайыннарар  сыалтан,  үөрэххэ эбии дьарык учууталларын  күүһүнэн   үҥкүү,  ырыа,  прикладной ускуустуба онтон да атын  куруһуоктарга оҕолору  дьарыктаан өрөспүүбүлүкэҕэ эбии үөрэхтээһин хайысхатыгар биир бастакынан улахан хамсааһыны саҕалаабыттара. Бу  “Баҕа санаа”  иһинэн дьарыктаммыт оҕолор Арассыыйаҕа, Африкаҕа, Парижка  араас омук сиригэр тиийэ кыттан кыайыы кынаттанан кэлэллэрэ. Итини туоһулуур биир умнуллубат  аатынан “Көлүкэчээн” үҥкүү бөлөҕө буолар.

Олоххо кырдьык туһалаах  эйгэни  сайыннарар санааттан, 2003  сыллаахха   улуус  баһылыга Иннокентий Аммосов  дьаһалга илии баттаан, бу  кэрэ эйгэ  улуус таһымнаах улахан тэрилтэ буолар кыахтаммыта. Ол кэмнэртэн улууспут тыһыынчанан  үүнэр ыччата  бу  алыптаах  кииҥҥэ иитиллэн, дьоҕурдарын арыйан олоххо суолларын булуналларыгар тирэх буолла.

Күн-бүгүн  икки тыһыынча кэриҥэ иитиллээччи хабыллан сылдьар. Хас нэһилиэк ахсын  киэҥ билиилээх- көрүүлээх, тус мастарыстыбыаларын  хаһыс да көлүөнэ үүнэр ыччакка тарҕата сылдьар педагогтар таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Ол курдук,  киэн тутта ааттыыбыт  СӨ  үөрэҕириитин уонна культуратын туйгуна Ольга Баишеваны, ырыа кэрэ алыбар уһуйааччы СӨ үөрэҕириитин туйгуна Любовь Макарованы, СӨ  үөрэҕириитин туйгуна, РФ  бочуоттаах үлэһитэ Елена Сивцеваны, фольклор эйгэтигэр СӨ үөрэҕириитин туйгуна, импровизатор хомусчут Марианна Слепцованы,  “Инникигэ эрэл”  бэлиэ хаһаайынын Лена Яковлеваны, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Юлия Сивцеваны, иис-уус  хайысхатыгар СӨ  үөрэҕириитин туйгуна, Чурапчыулууһун норуотун маастара Альбина Дьячковскаяны,  СӨ  үөрэҕириитин туйгуна Алефтина Колесованы, СӨ  бастакы президенын М.Е.  Николаев фондатын лауреата Евдокия Миронованы, СӨ  үөрэҕириитин туйгуна, норуот маастара Наталья  Гуляеваны, “Саха сирин эрэлэ” бэлиэ хаһаайына, эдэр кэскиллээх хореограф, режиссер Алексей Аржакову. Бу курдук састааптаах салайааччылар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Үөрүүлээх түгэн

         Сааскы күн бастакы сардаҥата “Айылгы” сынньалаҥ  кииҥҥэ, чахчы да  итии салгынынан сайа охсон, мичээрдии көрүстэ. Бииртэн биир кэрэ көстүүмнээх,  ыллыырга, үҥкүүлүүргэ  бэлэм оҕолор бэлэмнэнэртэн соло булбаттар.  Бастакы  күн оҕолорго  аралдьытар дьаһал, үҥкүү-битии, минньигэс туорт  бэлэх буолбут буоллаҕына,  иккис күнэ  иитиллээччилэр  быыстапкалара,  улахан кэнсиэрт тэрилиннэ.  Уопсайа холбоон 27 эҕэрдэ нүөмэргэ, уһуйаачылар бөлөхтөрүнэн наардаан, ырыа-тойук, үҥкүү эриэккэһэ, театральнай дьүһүйүү барыта хабылынна.

Кэнсиэр саҕаланыытыгар педагогтар параадтара,  20  бастыҥ иитиллээччини,  настаабынньыгы  чиэстээһин  долгутуулаахтык ааста. Улуус дьаһалтатыттан баһылыгы солбуйааччы Мария Кронникова, үөрэх управлениятыттан Афанасий Максимов   эҕэрдэ тылларын  эттилэр.

“Үөрүү” оҕо дьоҕурун сайыннарар  киин дириэктэрэ Ирина Сергеева олус үөрэн-долгуйан туран  кэлэктиибин,  бары иитиллээччилэри эҕэрдэлээтэ.  Аны аҕыйах  кэминэн саҥа дьиэ уораҕайа аһыллан, үлэлииргэ-хамсыырга усулуобуйа  өссө   тупсуохтааҕын, сайдыахтааҕын туһунан санаатын үллэһиннэ.  “Бу 20  сыл устата үөрэнэн кэлбит  кыһабыт “Школа мечты” диэн аатынан сүрэхтэммит буоллаҕына, күн бүгүн “Үөрүү”  диэн  ситиһиини түстүүр түһүмэххэ үүнэ-сайда сылдьабыт, инникитин үһүс бырайыак чыпчаалын көрөн “Школа счастья” баар буолуоҕа, сайдыыбыт өссө иннибитигэр”, — диэн Ирина Семеновна этиитэ, дохсун ытыс тыаһынан  арыалланна.

“Талааннаах дьон өрүү талааннаахтар” диэн этиллэринии педагогтар быйыл кыһын тымныыны аахсыбакка устубут олус  табыллыбыт видео-клиптара  сыанаҕа көстөн, күргүөмнээх ырыанан дьоро түгэн түмүктэннэ.

Мин, тус бэйэм “Үөрүү” иитиллээччитэ буоларбынан олус киэн туттабын,  салгыы үүнэргэ-сайдарга киэҥ былааннары торумнуубун.

 

Айта Филиппова,

Афанасий Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ,

 “Үөрүү” оҕо дьоҕурун сайыннарар киин

Хайахсыттааҕы  “Чэчир” телестудия 

иитиллээчитэ.

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй