Чурапчыга үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахха түмүстүлэр

Бүгүн Чурапчыга “Үөрэхтээһин систиэмэтэ: хайысхалар, соруктар, быһаарыылар” диэн улуустааҕы үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр анаммыт балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньах ыытылла турар. Сарсыарда С.А. Новгородов аатынан орто оскуолаҕа үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, учууталлар уонна иитээччилэр  9 былаһаакканан арахсан үлэлээтилэр.

Манна саҥа үөрэх дьылыгар үөрэхтээһин систиэмэтигэр киирбит саҥа уларыйыылары, былааннары билсии, оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ тирээн турар проблемалары быһаарсыы сорук быһыытынан турда. Онуоха былаһааккаларынан үөрэх, иитии уонна үөрэхтээһиҥҥэ цифровизация, каадырдары кытта үлэ, эбии үөрэхтээһиҥҥэ, иитиигэ саҥа философиялары билиһиннэрэр о.д.а. хайысхалаах былаһааккалар үлэлээтилэр.

Бу ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт дириэктэрин солбуйааччы Светлана Дедюкина, бу үнүстүүт кафедратын старшай преподавателэ Василий Артемьев, ХИФУ естественнэй-научнай киинин дириэктэрэ Татьяна Собакина, “Навигаторы детства” регионнааҕы ресурснай киин салайааччыта Ньургуяна Макарова, өрөспүүбүлүкэтээҕи методическай киин педагог-психолога Саргылана Монастырева о.д.а., ону тэҥэ улуус туһааннаах тэрилтэлэрин салайааччылара кэлэн кытыннылар, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ, оҕону иитиигэ уонна сайыннарыыга, үлэҕэ-хамнаска үгүс сүбэлэрин-амаларын биэрдилэр, бииргэ үлэлэһиигэ былааннары торумнаатылар.

Педагогтар хайысхаларынан ыытыллыбыт былаһааккаларга сылдьан, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ, оҕо дьоҕурун сайыннарыыга, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйбакка, олоҕор таба суолу булунарыгар туһуламмыт саҥа уларыйыылары билсэн   үлэригэр-хамнастарыгар туһаныахтара, бэйэ-бэйэлэрин кытта уопут, санаа атастаһан тарҕаһыахтара.

Анна Захарова.

Видео Наталья Сибирякова