2020 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтин кэллиэгийэтин куоластааһынынан Саха сирин XXII-с Ыспартакыйаадата Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр ыытыллар буолбута. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев дьаһала тахсан туран.
Манчаары оонньууларын ыытарга 6 улуус сайаапка биэрбитэ: Таатта, Сунтаар, Ньурба, Алдан, Нерюнгри, Кэбээйи.
Кэллиэгийэ чилиэннэригэр кистэлэҥ куоластааһын буолла. Ол түмүгүнэн Тааттаҕа 12 куолас бэриллэн, саха национальнай көрүҥнэрин XII Ыспартакыйаадата Ытык Күөлгэ ыытыллар буолбута.
Тааттаҕа, Ыспартакыйаада 1999 сыллаахха ыытыллыбыта. Оччолорго “Олоҥхо оонньуулара” диэн ааттана сылдьыбыта. Үйэлэр кирбиилэрэ, кириисис, үп-ас суох кэмэ буолан, улахан ыспартыыбынай тутуулар барбатахтара. Онон Таатта дьоно бу сонуну уруйдуу ылыммыттара, үөрэ истибиттэрэ.
Устуоруйа быыһын сэгэтэн көрөр эбит буоллахха, Чурапчы улууһа “Манчаары оонньуулара” саҕаланыахтарыттан о.э. 1968 сыллаах Дьокуускай куоракка – 3 миэстэ, манна Вячеслав Карпов хапсаҕайга муҥутуур кыайыылаах буолбута. 1971 сыллаахха Чурапчы улууһа 1 миэстэ, 1977 сыллаахха – 3 миэстэ, манна Николай Адамов атах оонньуутугар муҥутуур кыайыылаах, 1979 сыллаахха Майаҕа ыытыллыбыт оонньууларга Чурапчы улууһа 1 миэстэ, Николай Адамов манна эмиэ атах оонньуутугар муҥутуур кыайыылаах. 1981 сыллаахха Майаҕа – 3 миэстэ, 1983 сыллаахха Майаҕа – 2 миэстэ, 1985 сыллаахха Бүлүү куоратыгар Чурапчы улууһа – 2 миэстэ, 1987 сыллаахха Аммаҕа ыытыллыбыт оонньууга Чурапчы улууһа – 2 миэстэ, 1990 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ буолбут оонньууларга Чурапчы оройуона – 2 миэстэ, 1993 сыллаахха Покровскайга буолбут оонньууларга Чурапчы улууһа – 2 миэстэ, 1995 сыллаахха Төҥүлүгэ буолбут Манчаары оонньууларыгар Чурапчы улууһа – 2 миэстэ, манна хапсаҕайга Семен Макаров муҥутуур кыайыылаах буолар. 1997 сыллаахха Ньурбаҕа ыытыллыбыт оонньууларга Чурапчы улууһа – 3 миэстэ, 1999 сыллаахха Ытык Күөлгэ ыытыллыбыт оонньууларга Чурапчы улууһа – 3 миэстэ, 2005 сыллаахха Майаҕа ыытыллыбыт оонньууларга Чурапчы улууһа – 3 миэстэ, манна Альберт Иванов хотугу многоборьеҕа муҥутуур кыайыылаах буолбута, 2009 сыллаахха Бүлүүгэ ыытыллыбыт оонньууларга Чурапчы улууһа – 2 миэстэ, 2013 сыллахха Чурапчыга ыытыллыбыт оонньууларга Чурапчы улууһа – 2 миэстэ, манна Петр Старостин многоборье көрүҥэр муҥутуур кыайыылаах буолар уонна 2017 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт оонньууларга Чурапчы улууһа – 2 миэстэ буолары ситиспитэ.
Бүгүн о.э. алтынньы 24 күнүгэр, Чурапчы улууһун дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Ыспартакыйаадаҕа кыттыы тула улахан сүбэ мунньах тэрилиннэ. Мунньаҕы улуус баһылыга Степан Саргыдаев иилээн-саҕалаан ыытта. Манна улуус баһылын солбуйааччылар, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, улуус дьаһалтатын успуорка управлениетын начаалынньыга Дьулустан Егоров, улуус успуорка бэдэрээссийэлэрин бэрэссэдээтэллэрэ, биирдии көрүҥүнэн тириэньэрдэр, оскуола дириэктэрдэрэ, тэрилтэ салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Степан Анатольевич бэйэтин этиитигэр ыспарсымыаннар витаминизацияларыгар, сүүмэрдиир күрэхтэригэр сүрүн болҕомтону ууралларыгар эттэ итиэннэ айан ороскуотугар, формаларыгар, аска-үөлгэ бүддьүөт эрэ үбүттэн буолбакка успуонсардары көрдөөһүҥҥэ сорук туруорда. Успуорт управлениетын начаалынньыгар Дьулустан Васильевичка, сэтинньи 20 күнүгэр диэри уопсай сметаны оҥорон киллэрэригэр сорудахтаата. Ыспарсымыаннарга эппиэтинэһи үрдэтии, дисциплинэ, күүстээх дьарыктары ыытыы боппуруостарыгар тохтоото, манна даҕатан хапсаҕай, мас тардыһыы курдук күрэхтэргэ састаап ситэтэ суоҕун санатта.
Успуорт управлениетын начаалынньыга Дьулустан Егоров, бэдэрээссийэлэр тустарынан, кимнээх салайалларын, кинилэргэ сыһыарыллыбыт улууспут нэһилиэктэрин туһунан улахан хабааннаах иһитиннэриини оҥордо. Манна кини буулдьанан ытыы бэдэрээссийэтигэр бэрэссэдээтэл суоҕун ыйда, итиэннэ сэтинньи ыйыгыгар сүүмэрдиир күрэхтэр бастакы түһүмэхтэрэ саҕаланалларын биллэрдэ. Кини кэнниттэн бэдэрээссийэ бэрэстэбиитэллэрэ туох итэҕэс-быһаҕас баарын быһаарыстылар.
Манна сахалыы төрүт көрүҥнэр бэдэрээссийэлэрин аатыттан Яков Оконешников уонна Денис Заболоцкай, кыргыттар кыттыыларыгар миэстэ аһаҕаһын этиннилэр,
ат успуордун бэдэрээссийэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Посельскай эмиэ тустаах дистанцияларга аттарбыт тиийбэттэрин иһитиннэрдэ, сүрүү бэдэрээссийэтин аатыттан Василий Лукин, сүүрүүгэ эмиэ аһаҕас миэстэлэр баалларын ыйда итиэннэ ыспарсымыаннары стимуллуур үбү-аһы чопчулуулларыгар көрдөстө.
Чурапчытааҕы үнүстүүт Бэрэсидьиэнэ Михаил Гуляев, аҕа сүбэһит быһыытынан, төһө кыалларынан элбэх путевканы ыларга соруктаата итиэннэ бэдэрээссийэлэр мунньахтарын элбэтэн, үөскээбит кыһалҕалары кэмигэр туораталларыгар сүбэлээтэ.
Түмүккэ, Степан Анатольевич: “Кыайтарар бырааппыт суох!” – диэтэ.
Дьэ, онон биэс сыл устата күүскэ бэлэмнэнэн, “Манчаары” Оонньууларыгар Чурапчы ыспарсымыаннара үрдүк таһымҥа кыттыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ