Чурапчыга Владимир Потанин гранын ылбыт “Туллукчаан” уһуйаан саҥа ыспартыыбынай былаһаакканы арыйда

Чурапчы улууһа сылтан-сыл, саҥаттан-саҥа граннарга ситиһиилээхтик киирсэр. Кинилэр быыстарыгар, биир саамай уопуттаах гран суруйааччынан “Туллукчаан” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Альбина Варламованы ааттыахпытын сөп.

“Туллукчаан” уһуйаан күн-бүгүн 140 иитиллээччилээх, Альбина Ивановна сэбиэдиссэйинэн былырыын ананан кэлэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини граннарга ылсан үлэлэспитэ балай эмэ ыраатта, маҥнай оскуолаҕа үлэлии сылдьан, 2005 сыллаахха “Семейные Союзы” диэн Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр турар орто оскуолаҕа гран хаһаайына буолар, онтон “Березка” уһуйааҥҥа 2018 сыллаахха көһөн тиийэн алта граны ылары ситиһэр. Салгыы “Спортивнай” ТОС-ка ыспартыыбынай былааһакканы туттарыыга гран суруйан 1 мөл 600 тыһ суумманы ылаллар. Онтон быйыл, кулун тутарга киирсэммит 1 мөл 422 тыһ суумма хаһаайыттара буоллулар. Уопсай суоттаан көрүү түмүгүнэн, Альбин Варламова Чурапчы улууһугар 13 мөл.800 тыһ курдук үбү аҕалбыт киһинэн буолар.

“Дойду үрдүнэн бэрэсидьиэммит Владимир Путин өйөбүлүнэн олус элбэх хайысхалаах граннар бааллар. Инникитин “Фонд президенских грантов” диэҥҥэ элбэхтэ кыттыбытым уонна Владимир Потанин аһымал пуондатыгар кэлин кытта сылдьабын. Бу пуонда Арассыыйаҕа ыспартыыбынай уонна оонньуур былаһааккалар элбииллэригэр анаан үлэлэһэр. Манна икки граммын ылыым буолар. “Сила спорта” диэн күрэххэ сахалар күн-дьыл эргиирдэринэн бэйэбит төрүт ыспартыыбынай сүүрээммитинэн барыахтаахпыт диэн бырайыакпыт ис хоһоонугар кэпсэнэр. Уопсай суумматтан 800 тыһ сууммабыт оонньуур былаһааккаҕа барда, ону таһынан ыспартыыбынай инбэнтээрдэри ыллыбыт, ону таһынан 200-кэ тыһ көмпүүтэринэй тиэхньикэ диэн көрдүбүт, ол иһигэр уһуйааммытыгар музыкальнай оборудованиены ылынныбыт. Граны суруйууга уһуйааммыттан Светлана Попова диэн үрдүкү иитээччилээхпит, бу кинини тутатына бэйэбэр тардан, граны хайдах суруйарга үөрэтэ сылдьар киһим буолар, манна иккиэ эрэ диэн буолбакка айар-тутар бөлөх диэн үлэлээтибит. Инньэ гынан бу уһуйааҥҥа граҥҥа бастакы сүрэхтэниибит буолла. Былаһааккабытыгар сэттэ көрүҥ оонньуур салаа баар, киин былаһааккаҕа газон тэлгэттибит. Граны ыларга сүрэх баҕата эрэ наада, аны туран ыларыҥ диэн биир хайысха, иккиһинэн бу гран хайаан даҕаны үлэлиэхтээх, барыта отчуоттанар. Инники былааммыт өссө даҕаны киэҥ, эбии икки граҥҥа докумуоммутун туттаран олоробут. Түгэнинэн туһанан улууспут тэрилтэлэрин граннарга күүскэ киирсэргэ бука барыгытын ыҥырабын, маннык кыра-кыралаан кииристэхпитинэ тэрилтэбит даҕаны сайдыа этэ. Былырыын үлэлии киирээт даҕаны “Туллук” диэн СО НКО тэриммиппит. Былаһааккабыт олоххо кииритигэр улаханнык төрөппүттэрбэр махтаныахпын баҕарабын. Бу граннарга тыраансар өҥөтө эҥин диэни саараама көрбөттөр, холобура оборудованиены ыллахпытына куораппыт син тэйиччи. Инньэ биһиэхэ Дмитрий Егорович Захаров диэн төрөппүппүт көмөлөһөн, иккитэ “Камаз” массыынанан кырынан инбэнтээрбитин барытын аҕалла, ону таһынан буор кутуута, установкалааһын үлэтэ буоллун ити барыта төрөппүттэрбит өҥөлөрө. Онон кинилэргэ махталбыт муҥура суох”, — диэн “Туллукчаан” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Альбина Ивановна санаатын үллэстэр.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Чурапчы улууһун социальнай коммуникация отделын начаалынньыга Алена Пермякова, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Мария Матвеева, улуус үөрэҕин салаатын оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна алын кылаас отделын салайааччы Маргарита Оконешникова, улуус үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Ираида Винокурова, “Куоҕалы” ТОС салайааччыта Федора Седалищева, нэһилиэк иһинээҕи уһуйааннар сэбиэдиссэйдэрин түмсүүтүн салайааччы Екатерина Иванова, Чурапчытааҕы олохтоох көҕүлээһиннэри сайыннарыы ааҕыаныстыбатын сүрүн исписэлииһэ Ольга Кардашевская кыттыыны ыллылар, итии-истиҥ эҕэрдэ тыллары эттилэр.

Салгыы кырачаан оҕолорго анаан бырааһынньыктааҕы оонньуу тэрилиннэ, минньигэс туордунан күндүлээтилэр, “Дары осени” ас-үөл дьаарбаҥката тэрилиннэ.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ