Чурапчыга “Улыбка” уһуйаан “Саҥа олох” хаһыахха көхтөөхтүк суруттарда

Екатерина Иванова салайааччылаах Прасковья Борисова аатынан “Улыбка” оҕону сайыннарар киин-уһуйаан үлэтинэн-хамнаһынан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка Дойду араас эрэгийиэннэригэр тиийэ биллэр. Өссө былырыын, Кавказка тиийэннэр бэйэлэрин уопуттарын тарҕатан кэлбиттэрэ. Итинник уһуйаан Саха сириттэн соҕотох эрэ.

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн чэпчэтиилээх сурутуу ыытыллан түмүктэннэ. Ол үрдүнэн, “Улыбка” уһуйаан бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн эрэдээксийэттэн кэлэн ыларга о.э альтернативнай көрүҥҥэ олус көхтөөхтүк суруттардылар.

Улууспут сонуннарын түмэн таһаарар хаһыаппыт “Саҥа олох”. Билигин нэһилиэктэр, түөлбэлэр сонуннара үксэ бассаап нөҥүө тарҕанар, ол да буоллар, хаһыакка быдан сиһилии сурулларын сөбүлүүбүн. Онон төһө да Интернет үйэтэ буолбутун иһин, хаһыат тыа олохтоохторугар олус наада дии саныыбын. Биһиги тус кыһалҕаларбытын улуустааҕы эрэ хаһыаппыт киэҥ араҥа ааҕааччылар көрүүлэригэр таһаарар. Бэйэм санаабар, сахалыы тыллаах хаһыаттар сонуну эрэ тарҕатар соруктаах буолбатахтар. Кинилэр биһиги устуоруйабытын сахалыы тылынан суруйаллар, онон тылы үйэтитиигэ эмиэ үлэлэһэллэр. Билигин оҕолор сонуну социальнай ситимнэргэ киирэн ааҕаллар, эбэтэр видео көрөллөр, ол иһин кэлиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылын билбэт оҕо элбээтэ диэн бэлиэтии көрөбүт. Сахалыы тылы өрө тутар, үйэтитэ сатыыр улууспут хаһыатын үлэһиттэрин кэлэн иһэр Саргылаах Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна өссө элбэх сурутааччылары, үтүө сонуннары баҕарабын!”, — диэн уһуйаан сэбиэдиссэйэ Екатерина Семеновна өрүү буоларын курдук үөрэ-көтө, лоп-бааччы этэн кэбистэ.

Манна даҕатан эттэххэ, уһуйаан үлэһиттэрэ IT технологияны толору баһылаан көдьүүстээхтик үлэлии-хамсыы олороллор. Бу соторутааҕыта ютуб ханаалга, кырачааттарга аналлаах “Баҕа санаа күүһэ” диэн киинэни устан таһаардылар.

 

Сурутууну ыытта Сэмэн Жендринскэй