Киһи олоҕо биир кэм, былыта суох халлаан тэҥэ, буолбат. Ардыгар түһүүлээх-тахсыылаах, эрчимнээх эдэр саас кэмнэрин сааһырыы солбуйар эбэтэр дьылҕа ыйааҕынан ким эрэ доруобуйатынан хааччахтаах буолар. Ол үксүгэр киһиттэн бэйэтиттэн тутулуга суох. Бу да иһин дьон олорор сирин аайы нэһилиэнньэ бары араҥатын хабар социальнай харалта тэрилтэтэ үлэлиир. Бу эйгэ үлэһиттэрэ чуолаан социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох, кыһалҕалаах дьоҥҥо күүс-көмө буолаллар.
Аҕыйах сылтан бэттэх Арассыыйа территориятын бары эрэгийиэннэригэр «Система долговременного ухода» пилотнай бырайыак үлэтин саҕалаабыта.
Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу федеральнай бырагыраама «Демография» диэн национальный бырайыак чэрчитинэн биир бастакынан Чурапчы уонна Таатта оройуоннарыгар СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан пилотнай бырайыак быһыытынан алтынньы ыйтан тэрилиннэ. Бу бырагыраама Арассыыйаҕа 2018 сылтан үлэтин саҕалаабыта, сыл аайы эбии эрэгийиэннэри хабан бырайыак кэҥээн, сайдан иһэр. «Система долговременного ухода (СДУ)»— «Уһун үйэлэнии тиһигэ» диэн тугуй, сүрүн сыала туохха сытарый?
Биһиги улууспутугар бу бырагырааманы организатор-координатор быһыытынан социальнай харалта исписэлииһэ Марина Брызгаева иилиир-саҕалыыр, нэһилиэктэри кытары ыкса ситимнээхтик үлэлэһэр. Кини үлэтин-хамнаһын кылгастык: «Биһиги үлэбит сүрүн соруга диэн көрүүгэ наадыйар дьоҥҥо сөптөөх көмөнү оҥоруу, уопсай туруктарын тупсарыы, бөҕөргөтүү, тулалыыр эйгэни кытта ситимнээһин, ону тэҥэ көрөн олорор дьоҥҥо көрүү өттүгэр сүбэ-ама буолуу. Нэһилиэнньэ ханнык араҥата манна хабылларый диэн дьон интэриэһиргээччилэр. Бу бырагыраамаҕа чопчу 18 саастарыттан үөһэ туора киһи көмөтүгэр наадыйар дьон уонна инбэлииттэр киирэллэр. Анал үөрэхтээх экспертэр көмөҕө наадыйааччыны көрөн-истэн, чинчийэн бу киһи чуолаан хайдах көрүүгэ-истиигэ наадыйарын быһаараллар, ол эбэтэр, нууччалыы эттэххэ, «уровень нуждаемости» таһаараллар (0-тан 4-кэ диэри таһым). Биһиэхэ көрүүгэ 2-с уонна 3-с таһымҥа хапсар дьон киирэллэр. Хас биирдиилэригэр анал бырагыраама оҥоһуллар уонна сыһыарыллыбыт көмөлөһөөччү (помощник по уходу) үлэлиир. Бу көмөлөһөөччү хайаан даҕаны сөптөөх көрүүнү оҥорорго анал үөрэхтээх буолуохтаах. Өскөтүн киһи көмөлөһөөччү быһыытынан үлэҕэ ылыллыбыт буоллаҕына кини социальнай харалта управлениетын үлэһитэ буолар уонна анал үөрэҕи ааһар. Көмөҕө наадыйар дьону хантан билэбитий? «Уһун үйэлэнии тиһигэ» бырагыраама межведомственнай буоларын быһыытынан атын тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлэһиэхтээх. Холобур, бырагырааманан хабыллыан сөптөөх дьону биһиги киин балыыһаттан билэбит, балыыһа ыкса үлэлэһиэхтээх. Эбэтэр нэһилиэктэр дьаһалталара бу көмөҕө наадыйар дьоннорун испииһэгин биһиэхэ суругунан ыытыахтарын эмиэ сөп, эбэтэр аймахтара кэлэн көрүүгэ наадыйабыт диэн сайабылыанньа хааллардахтарына балыыһаны кытта билсэн баран эксперт көрөн сыаналыыр.
Биһиги Чурапчы улууһун үрдүнэн 113 киһиэхэ сылдьыбыппытыттан 72 киһи көрүүгэ чахчы наадыйар диэн экспертэр быһаардылар. Ол онтон 40 киһи сөбүлэҥин биэрэн, көмөнү ылан саҕалаата»,-диэн билиһиннэрдэ.
Бырагыраама чэрчитинэн көмөлөһөөччү миэстэтигэр үлэлии киирбит дьоҥҥо хайаан да социальнай харалта үлэһитэ эбэтэр медик буолуохтаах диэн ирдэбил турбат. Кинилэр социальнай харалта управлениетын иһинэн анал үөрэҕи ааһаллар. Холобур, балаҕан ыйыгар Дьокуускайдааҕы медиссиинэ колледжын исписэлиистэрэ кэлэн 15 киһини үөрэппиттэрэ, онтон сэтинньи 6 күнүттэн 20 көмөлөһөөччүнү бэлэмнээбиттэрэ. Бэлиэтээн эттэххэ, көрүүгэ-истиигэ наадыйар дьонноох нэһилиэктэргэ көмөлөһөөччүлэр миэстэтигэр үлэлииллэр.
Саҥа үлэтин саҕалаабыт бырагыраама өссө биир ураты уонна туһалаах хайысхалаах. Ол курдук, сотору кэминэн бу бырайыак чэрчитинэн «Реабилитациялыырга туһуламмыт анал техническэй тэриллэри уларсар пуун» улууспут киинигэр аһыллыахтаах. Билиҥҥи туругунан 2 378 033 суумаҕа реабилитацияҕа көмөлөһөр араас оборудование, тиэхиньикэ номнуо сакаастанан турар, ахсынньы ыйга кэлэрэ былааннанар (сытар дьоҥҥо анал функциялаах ороннор, матараастар, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо кэлээскэлэр, ходуноктар уо.д.а.). Бу барыта федеральнай линиянан үбүлэнэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу пуун чопчу ханнык дьиэҕэ аһыллара быһаарылла илик.
Үөһэ суруллубукка даҕатан эттэххэ, алтынньы ый бүтүүтэ Рязань куоракка чопчу бу «Уһун үйэлэнии тиһигэ» бырагыраама чэрчитинэн сэминээр буолбута. Дойду ыытар бэлиитикэтигэр судаарыстыба салалтатын өттүттэн уһун үйэлэниигэ, киһи тус интэриэһиттэн тирэҕирэн туһааннаах көмө үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥоһулларыгар сүҥкэн болҕомтону уураллара итинтэн көстөр. Саҥа сокуоннар, саҥа профессиональнай стандартар киирэн социальнай өҥөнү оҥоруу үрдүк таһымҥа тахсар сыаллаах-соруктаах үлэ тэриллэр. Онон бу бырагыраама үлэтэ, үлэһиттэрэ чопчуланан, нэһилиэнньэбит саамай көмүскэлгэ, истиҥ сыһыаҥҥа, тустаах көмөҕө, көрүүгэ-харайыыга наадыйар араҥатыгар чахчы туһалаах хамсааһын тахсыаҕа, инникитин өссө да кэҥээн, сайдан иһиэҕэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Наталья Сибирякова