Чурапчыга учууталлары эҕэрдэлээтилэр (Фоторепортаж)

Бүгүн Учуутал күнүгэр бу идэни талан олохторун аргыһа оҥостубут дьон араас үтүө, махтал тылларын истэллэр.

Чурапчы нэһилиэгин “Айылгы” НАДь-гэр улууспут учууталларын эҕэрдэлиир дьоро тэрээһин буолан ааста. Афанасий Петрович Мунхалов аатынан хартыына галереятыгар улууспут 22 педаогогическай династияларын сырдатар улахан быыстапка туруорулунна. Хас биирдии кэлбит учууталга эҕэрдэ суруктары, сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээтилэр.

Тэрээһин дьоро чааһыгар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев: Хас биирдиибит олоҕор, дьылҕатыгар Учуутал олус улахан оруолу ылар. Дьиҥнээх учуутал киһи дууһатыгар, өйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары хаалар.

Биһиги оҕолорбут улаатан истэхтэрин аайы, сылтан сыл саҥа билиини-көрүүнү ылаары оскуолаҕа кэлэллэр. Ол билиини тулуурдаах, үтүө санаалаах, ирдэбиллээх учууталлар биэрэллэр.

Учуутал үлэтэ – уустук. Ол эрээри, олус үтүөкэн быйаҥнаах. Эһиги оҕо тулалыыр эйгэтин билэригэр, бу олоххо бэйэтин булунарыгар, ыараххаттары туоруу, бэйэтин дьоһун уонна тус санаатын көмүскүү үөрэнэригэр көмөлөһөҕүт. Биһиги кэскилбит Эһигиттэн тутулуктаах — эһиги оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаараргытыттан.

Биһиги уһуйааччыларбыт киэҥ билиилэрэ, үлэҕэ баай уопуттара, идэлэригэр бэриниилэрэ, тулуурдара, үөрэнээччилэригэр тапталлара кэнэҕэһин даҕаны Саха сирин кэлим сайдыытыгар төһүү күүс  буолуо диэн эрэнэбит.

Учуутал – бу көннөрү идэ эрэ буолбакка, олох бэлэҕэ, анала. Эһиги оҕоҕо билиини биэрэри, толкуйдуурга үөрэтэри таһынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ, кырдьыкка уһуйаҕыт, хас биирдии үөрэнээччигэ куккут-сүргүт сылааһын иҥэрэҕит. Оскуолаҕа хас биирдии оҕоҕо сиэр-майгы, били-көрүү бигэ акылаата ууруллар буолан, биир эрэ киһи дьылҕата буолбакка, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду кэскилэ эмиэ түстэнэр. Эһиги бэриниилээх үлэҕит иһиһ муҥура суох махтаныбыт уонна киэн туттабыт!” – диэн бэйэтин эҕэрдэ тылыгар эттэ.

Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников: “Бүгүн биһиги бүтүн норуот дьиҥнээх бырааһынньыгын бэлиэтиибит. Бука бары бастакы учууталбытыгар, ииппит-такайбыт настаабынньыктарбытыгар махтанабыт!

Ылбыт билиибитин иҥэринэн илдьэ сылдьабыт, биһиэхэ аан дойдуну билэргэ, толкуйдуу үөрэнэргэ, уопсастыбаҕа толору бырааптаах киһи буоларга көмөлөһөр. Биһиги учууталларбыт араас дьиссипи­лиинэлэргэ билиини-көрүүнү биэрэллэрин таһынан биһигини Арассыыйа дьиҥнээх гражданнара, улуу Ийэ дойдубут патриоттара буоларга үөрэтэллэр. Күндү учууталлар, эһиэхэ ис сүрэхпиттэн чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, үөрэхтээһин эйгэтигэр ситиһиилэри уонна махталлаах үөрэнээччилэри баҕарабын!” – диэн эттэ.

Мантан салгыы үөрэх эйгэтигэр уһулуччу ситиһиилэрин итиэннэ өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах куонкурустарга кыайыылаах-хотуулар учууталлары наҕараадалааһын үөрүүлээх чааһа буолла.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.