Чурапчыга тутуу уонна суолу оҥоруу үлэтэ тэтимнээхтик барар

СӨ Үлэ уонна Чурапчы нэһилиэгэ тэриллибитэ 375 сылларыгар анаан улууспут киинигэр итиэннэ сорох нэһилиэктэргэ тутууга уонна суолу оҥорууга балысханнаах үлэлэр ыытылла тураллар. Олохтоох нэһилиэнньэ: “Былааннаммыт тутуу, суолбут оҥоһуута быйылгы сыллаахха туолан олоххо киирэр дуо?” – диэн ыйытыктарыгар анаан бүгүн улуус баһылыгын сир-уот сайдыытыгар уонна архитектура боппуруостарыгар солбуйааччы Афанасий Николаевич Дьячковскайы кытары кэпсэттибит.

  • Быйылгы 2023 сылга, Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан улуус үрдүнэн биэс дьиэ үлэҕэ киириэхтээх. Биэс дьиэттэн үһэ Чурапчы нэһилиэгэр: Павел Пинигин аатынан уулуссаҕа (нэһилиэккэ киирии өттүгэр) 24 кыбартыыралаах 121,01 иэннээх дьиэ, тутааччыта “СПБО-01” ХЭТ буолар, арҕаа баска СК “Илин” ХЭТ 53 кыбартыыралаах дьиэни үлэҕэ киллэрээри бэлэмниир, бу дьиэ иэнэ – 2809,85. Ярославскай аатынан уулуссаҕа 50 кыбартыыралаах дьиэни “СахастройГрупп” тутан 2686,75 иэннээх дьиэни бэлэмнээтэ, олохтоохтор бу күннэргэ саҥа дьиэҕэ көһөллөрө күүтүллэр. Маны таһынан 7 кыбартыыралаах, биир этээстээх, 275,66 иэннээх таас дьиэ Арыылаах нэһилиэгэр тутулла турар, 13 кыбартыыралаах, 581,5 иэннээх дьиэ Болтоҥо нэһилиэгэр тутуллан олоххо киириэхтээх. Бу дьиэлэри “Ампир” ХЭТ сүрүннүүр.

 Ленин аатынан болуоссаппыт “Формирование комфортной среды” бэдэрээлинэй бырагырааманан 35 мөл.суума көрүллэн оҥоһулла турар, итиннэ Чурапчы нэһилиэгин уонна улуус дьаһалталара эбии 10 мөл.сууманы көрөллөр. Бу тутуубут Чурапчы күнүн көрсө үөрүүлээх аһыллыыта буолуохтаах.

 Афанасий Кирикович Софронов аатынан ыспартыыбынай саала ахсынньы ый бүтүүтэ үлэтэ бүтэн, олоххо киирэрэ күүтүллэр. Тутууну “Сибтрансстрой” ХЭТ баһылаан-көһүлээн ыытар.

 Библиотека-архыып дьиэтэ эмиэ сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх, кини өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн тутуллар. Итиннэ үбүн чааһыгар сорох өттүн өрөспүүбүлүкэ уонна улуус дьаһалтата бэйэлэрэ көрөллөр.

 Итини сэргэ “1000 дворов” диэн Уһук Илин бэдэрээлинэй бырагырааматыгар олоҕуран, норуокка биллэринэн, эргэ биэс этээстээх дьиэ иннигэр оҕолор оонньуур былаһааккалара туруохтаах.  “Илгэ” маҕаһыын иннинэн аспааллааһын уонна ыскамыайкалар туруоруллан, уот-күөс эбии тардыллара былааннанар.

Суол өрөмүөнүн өттүгэр эттэххэ, киин Ленин аатынан уулуссабытыгар 1,5 биэрэстэ кэриҥэ аспаал суол ууруллан саҕаланна. Итини таһынан интэринээт-оскуола суола эмиэ аспаалланыахтаах, үлэлэрэ күүскэ ыытылла турар. Эмиэ Чурапчы күнүгэр барыта бэлэм буолуохтаах. Мырыла-Даайа Амматын икки ардыгар үс сыллаах суол үлэтэ эмиэ бу күннэргэ саҕаланар, итиннэ 7 биэрэстэ кэриҥэ уһуннаах суол кутуллуохтаах.

Сэмэн Жендринскэй