Чурапчыга турбут быыстапканы дьон сэргээтэ

Бу күннэргэ «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр А.П.Мунхалов аатынан галереяҕа Чурапч ытааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын Живопись уонна декоративнай-прикладной кылаастар итиллээччилэрин, төрөппүттэрин оҥоһуктарынан быыстапка турда.

Быйылгы үөрэх дьылыгар бу кылаастар ситиһиилэрин кылгастык билиһиннэрэр буоллахха: «POIEOFART» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска кыттан, Софронова Сайаана, Дьяконова Настя, Хоютанова Саргы, Данилова Дайаана, Васильева Сардаана, Слепцова Люда- 1 истиэпэннээх, Андросова Алексанна, Захарова Сайаана, Кузьмина Саргы, Фомина Динара, Попова Алина, Эверстова Далаана, Ефремова Сайаара- 2 истиэпэннээх, Трофимова Амелия, Захарова Настя-3 истиэпэннээх дипломант аатын ылбыттара; Алексеев Артур «Человек и мир»  IV-с  Бүтүн Арассыыйатааҕы НПК-ҕа «История родного края» номинацияҕа 1 истиэпэннээх дипломант буолла;  10 өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттаннар  66 лауреат, дипломант аатын ыллылар, 2 өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-ҕа 1 лауреат, 3 дипломант буолары ситистилэр итиэннэ улуустааҕы тэрээһиннэргэ эмиэ үрдүк таһымнаахтык кытыннылар.

Маны таһынан араас хайысхалаах интэриэһинэй тэрээһиннэр ситиһиилээхтик ыытылыннылар.

Салгыы ыам ыйын 23 күнүгэр улуус култууратын үлэһиттэригэр «Сааскы кэм» диэн пленэр күрэх ыытыллара былаананар.

Наталья Сибирякова, ааптар видеоҕа устуута. Хаартыскаҕа Чурапчытааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын Живопись уонна декоративнай-прикладной кылаастар уһуйааччылара