Чурапчыга тумуу уонна грипп ыарыыта элбээтэ

Кыһыммыт кэллэ да, тумуу, грипп ыарыыта улаатта. Үгүс өттүгэр оҕолорбут ыалдьаллар. Улууспутугар ааспыт нэдиэлэттэн ОРВИ-нан ыалдьыы көрдөрүүтэ улаатан, сорох оскуолалар уонна уһуйааннар карантиҥҥа бардылар.  Оҕо консультациятын сэбиэдиссэйэ Евдокия Карпова дьаҥтан-дьаһахтан хайдах харыстаныахха сөбүн кэпсиир.

  • Улууспутугар ОРВИ-нан ыалдьыы көрдөрүүтэ хайдаҕый?

Чурапчы оройуонун үрдүнэн бүгүҥҥү күҥҥэ 5 оскуола уонна 4 уһуйаан карантиҥҥа бардылар: Дириҥ оскуолата, Төлөй оскуолата уонна уһуйаана, Хатылы оскуолата уонна уһуйаана, Хадаар оскуолата уонна уһуйаана, И.М. Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолата уонна Болтоҥо нэһилиэгин уһуйаана. Маны таһынан быстах, ол эбэтэр кылааһынан, группанан карантиҥҥа баран олорор оскуолалар, уһуйааннар эмиэ элбэхтэр. Уопсайа 1990 оҕо оскуолаҕа уонна 487 оҕо уһуйааҥҥа карантиҥҥа баран олороллор. Бу оҕолортон 904 оҕо ОРВИ-нан ыарыйдылар, бу  уопсай оҕо ахсааныттан 14,7% ылар. Уһуйаанынан хааччыллыбатах оҕолорго ыарыы эмиэ сытыытык турар. ОРВИ иһигэр биирдиилээн гриптээбит оҕолор эмиэ бааллар.

Грипп ханнык көрүҥэ баарый?

Грипппит көрүҥэ H3N2 диэн, ол эбэтэр гонконскай грипп. Бу вирус салгынынан бэриллэр. Биир ыалдьыбыт киһи 40 киһиэхэ тиийэ сутуйуон сөп. Боростуой ОРВИ-ттан атына диэн киһи түргэнник ыарыыга хаптарар уонна күүскэ, сытыытык ыалдьар. Ыарыыга хаптарбыт киһи симптома 12-48 чаас иһинэн биллэр. Киһи төбөтө ыалдьар, этэ- сиинэ дырылыйан ыалдьар, эмискэ тымныйан, итииргээн ылыан сөп.  Слабайдыыр, кыраадыһа 39- тан үөһэ тахсар, эмискэ кураанах сөтөл киирэр. Кыра оҕолорго, хат дьахталларга уонна кырдьаҕас дьоҥҥо кутталы үөскэтэр. Ыалдьыбыт киһи ортотунан 7-14 күн ыалдьар.

  • Ыалдьыбыт киһи хайдах эмтэниэхтээҕий?

Тумуулаабыт киһи дьиэтигэр сытан эмтэнэрэ ордук. Ыалдьыбыт киһи маҥнайгы симптомнара билиннэ да, үтүөрүөр диэри доруобай дьонтон изоляцияланыахтаах. Элбэх уу иһиэхтээх, инчэҕэй сотторунан этин-сиинин соттон сөрүүкэниэхтээх, быраас анаабыт эмтэрин иһиэхтээх.

  • Оттон бу тумууттан хайдах харыстанабыт?

Биллэн турар, аан маҥнай ОРВИ эпидемията кэлэ илигинэ грипп утары прививка ылбыт буолуохтаахпыт. Грипп вакцинатын дьайыыта ортотунан икки нэдиэлэнэн саҕаланар. Ыалдьыбат курдук тумуу сезонун саҕана илиибитин, сирэйбитин сууна сылдьыахтаахпыт. Дьиэҕэ кэллибит, ыалдьыбыт дьону кытта контактастыбыт да, тутатына муннубутун сайҕаныахтаахпыт. Ыалдьыбыт дьонтон ыраах сылдьа сатыахтаахпыт уонна элбэх киһи мустар сиригэр медицинскэй маасканы кэтиэхтээхпит. Дьиэбит муостатын инчэҕэй хлордаах тирээпкэнэн күн аайы сууйа-сото сылдьыахтаахпыт. Хос иһэ күҥҥэ хаста даҕаны 5-10 мүнүүтэ салгылатыллыахтаах. Сибиэһэй, доруобай, тотоойу аһылыгы аһыахтаахпыт. Күн аайы С битэмиини сиэн, иммунитеппытын бөҕөргөтүөхтээхпит. Дьиэ иһигэр ыалдьыбыт киһи баар буоллаҕына, атын дьон вирус утары эми профилактическай дозанан иһэн саҕалыыра ирдэнэр.

Чөл олоҕу тутуһан, ыарыыттан, тымныйыыттан харыстанан, этэҥҥэ тумуу сезонун аһарыныаҕыҥ, доруобай буолуоҕуҥ!

Елена Макаринская