Бүгүн Чурапчы улууһугар бэлиэ күн. Суоппардарга улахан үөрүүлээх түгэн диэн толору этиэхпитин сөп. Ол курдук илин эҥэр улууһугар бастакынан улахан кыаматалаах тиэхэньикэлэр техническэй туруктарын көрөн быһаарар пуун үлэтин “Дорожник” ХЭТ-гэр саҕалаата.
Сорохтор “маннык пуун Аллара Бэстээххэ икки устуука баар” диэххит эрээри, Чурапчы улууһа тайаан сытар балаһыанньатынан илин эҥэргэ саамай киин буолар. Манна сылы эргиччи Аммалар, Таатталар, Томполор, Уус Майаттан тиийэ кэлэннэр тиэхэньикэлэрин бэлиэтэтэр кыахтаннылар. Тиэхэньикэни көрүү пууна, Чурапчы нэһилиэгэр “Дорожник” ХЭТ тэлгэһэтигэр, мантан саас-сайын автомойка үлэлээтэҕинэ үлэ-хамнас күүһүрүө дии саныыбыт.
“Бэнидиэнньик күн, Чурапчытааҕы ГИБДД-ны кытары сөҥнөһөн, автобустар техосмтор ааһыахтара, манна ГАИ үлэһитэ кэлэн хайаан даҕаны барытын бэйэтэ бэрэбиэркэлиир, көрөр буолар. Оттон бу күн холобура, автобустар суох буоллахтарына атын даҕаны тиэхэньикэлэри аҕалан техосмотр-рын аһардаллар. Ол эбэтэр автобустар күннэрэр бэнидиэнньик эрэ буолар. Салгыы оптуорунньук, сэрэдэ, чэппиэр толору үлэ күнүнэн көрүү ыытыллыаҕа, онтон бээтинсэҕэ эбиэккэ эрэ диэри үлэлиэҕэ, эбиэттэн киэһэ докумуону кытары үлэ ыытыллар. Хас массыына аайы тус-туһуанан каарта оҥоһуллар, холобура айаҥҥа туох эмитэ буолар түгэнигэр биһигиттэн отчуот көрдүөхтэрин сөп, ол инниттэн ити дааннай барыта хараллыахтаах. Төлөбүр чааһын эттэххэ,барытын манна бэйэбитигэр төлүүллэр, каасса үлэлиир, тэрилтэлэр дуогабарынан үлэлэһэллэригэр эмиэ усулуобуйа тэриллэр. Маны таһынан субуота күн, анал сакаастарынан үлэлиэхпит ол эбэтэр эрдэттэн суруттарбыт массыыналар кэлэннэр техосмотр ааһыахтара. Ханнык тиэхэньикэлэри көрөллөрүй эбит диир эбит буоллахтарына матасыыкылтан саҕалаан автобус бары көрүҥэ барыта, грузовиктар, бырысыаптар толору ааһар кыахтаныахтара. Тэрилтэбит лицензиятын аккредитацията барыта кэлэн сытар, ГИБДД баазатыгар киириэхтээхпит. Сайыннары кыһыннары толору үлэни ыытар кыахтанныбыт”, — диэн техосмтор пуунун начаалынньыга Станислав Семенович Федосеев кэпсээтэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Алексей Лобанов, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, “Дорожник” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Гаврил Владимиров кыттыыны ыллылар. Дмитрий Дмитриевич, бу маннык хамсааһыннар өрөспүүбүлүкэҕэ буола туралларын биһириирин биллэрдэ, дьон-сэргэ кыһалҕатын өйдөөн туһааннаах үлэ хайысхата сөптөөхтүк барбытын бэлиэтээтэ. Мустубут ыалдьыттар көрөн турдахтарына, үөрэх управлениетын салаатын оҕолору таһар автобуһа тиэхэньическэй көрүүнү ааста. Пуун начаалынньыга Станислав Семенович, тиэхэньикэ көрүүнү ааһар балаһыанньатын саас-сааһынан сиһилии кэпсээтэ, быһаарда.
Гаврил Гаврилович, бэйэтин этиитигэр, “Дорожник” ХЭТ инникитин даҕаны үлэтин салааларын кэҥэтиэхтээҕин, былаан өссө да элбэҕин, пуун арыллыытыгар кыттыспыт, үлэлэспит дьонугар бука барыларыгар дириҥ махталын биллэрдэ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ