Хас эмэ уонунан сылларга ыра санаа оҥостубут, хас мунньах аайы этиллибит Чурапчы улууһун олохтоохторун туруорсуулара бүгүн о.э. кулун тутар 12 күнүгэр туолла. Норуот доруобуйатын харыстааһыҥҥа мэдиссиинэ наука ситиһиилэрин киэҥник тарҕаппыт Сахалартан бастакы эмчит, икки уордьан кавалера, Император уопсастыбатын чилиэнэ Прокопий Сокольников аатынан улуустааҕы киин балыыһа иккис уочараттаах тутуллуута арыллыбытын туоһулуур күлүүһү кылаабынай бырааска туттардылар. Бар дьон үөрүүтүн үллэстэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев быһа биэриигэ тахсан кыттыыны ылла.
СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич: “Үйэлэргэ үлэһит дьонунан биллибит Чурапчы улууһун устуоруйатыгар бэлиэ күн үүннэ. Доруобуйа харыстабылын салаатыгар өссө күүскэ үлэлэлэһэммит, балыыһаҕа көрдөрүнэр ыарыһах ахсаана аҕыйыырын ситиһиэхпит. Онуоха маннык үрдүк хаачыстыбалаах балыыһалар дьон олоҕун харыстыырга, доруобуйаларын көрүнэллэригэр кыһамньылаахтык үлэлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбин”.
Бу күн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн социальнай суолталаах 12 эбийиэк тэҥинэн үлэҕэ киирдилэр ол курдук поликлиникалар, балыыһа, оскуолалар, уһуйааннар, оҕо ыспартыыбынай оскуолата, култуурунай-ыспартыыбынай уораҕай, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамматынан элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэлэр.
Саха сирэ – Дойду бэрэсидьиэнин национальнай бырайыагынан көрүллүбүт үбүн кээмэйинэн, Арассыыйаҕа лидердэр ахсааннарыгар сылдьар. “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак сүрүн сыала-соруга диэн олохтоохтор дойдуларыттан ханна даҕаны ырааппаккалар бэйэлэригэр чугастыы мэдиссиинэ көмөтүн ылалларыгар туһаайыллар. 2019 сыллаахха Саха сирэ үлэҕэ киллэрбит эбийиэктэрин ахсаанынан рекорд көрдөрөн турар, ол курдук ити сыл перинатальнай, сүрэҕи эмтиир кииннэр, онкологическай диспансер үлэҕэ киирбиттэрэ.
Сырдык көрүдүөрдээх, киһи киирэригэр-тахсарыгар табыгастаах гына оҥоһуллубут Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуута 2021 сыллаахха саҕаламмыта. 3332 тыһ. кв м иэннээх, 4 мэндиэмэннээх, хас биир эмчит кэбиниэтэ аныгы үйэ ирдэбилигэр барытыгар эппиэттиир, саҥа технология бүтэһик кэриэтэ тиэхиникэлэринэн толору хааччылынна. Манна даҕатан эттэххэ Чурапчы улууһугар магнитно-резонанснай томография (МТР) установкаланан үлэтин саҕалаата. Онон билигин дьон-сэргэ ханна даҕаны ыраппакалар үрдүттэн көрдөрүнэр, эмтэнэр кыахтаннылар. Бу барыта “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак көмөтүнэн олоххо киирдэ. Саҥа тутууну дойду салалтата биһирээтэ.
Чурапчы улууһун киинигэр тутуллубут Таас балыыһа биир симиэнэҕэ 100 киһини тэҥинэн көрөр-истэр буолуоҕа, терапия отделениетыгар 23 куойка миэстэ туруорулунна, дьахталлар, оҕолор консультациялара, терапия иһинэн күнүскү стационар (10 куойка), стоматология уонна самотическай ыарыылаах дьону реабилитациялыыр мэдиссиинэ отделениета үлэлиэхтэрэ. Онон улуус дьоно барыта туһаныаҕа. СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева, Чурапчылар куоракка киирбэккэлэр эрэ, диагностиканы тутатына миэстэтигэр оҥорорго бары усулуобуйа олохтонно диэн бигэргэттэ: “Чурапчы улууһун олохтоохторун доруойатын көрүүгэ бу балыыһа толору эппиэттиир. Кыра оҕотуттан саҕалаан ийэ буолар дьахталларга, аарыма кырдьаҕаһыгар тиийэ барыларын хабыаҕа. Бүгүн чахчы даҕаны бэлиэ күн, өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар аан бастакынан 12 эбийиэк тэҥинэн үлэҕэ киирдилэр. Чурапчы улууһугар уһун кэтэһиилээх тутуу буолла, 21 сыл буолан баран иккис уочараттаах үлэтэ түмүктэннэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Чурапчыга МРТ үлэлээтэ. Сахабыт сирин үгүс балыыһалара Чурапчыларга ымсыыраллар, балыыһа ис-тас көстүүтүнэн тупсаҕай, сырдык, ыраас. Чурапчы быраастарын кэлэктиибэ хаһан баҕарар олус үчүгэйдэр, дириҥ устуоруйалаах тэрилтэнэн биллэр. Кэллиэгэлэрбитигэр үрдүк профессионализмы, биһиги исписэлиистэрбит номнуо саҥа оборудованиеларга үлэлииргэ үөрэнэн бэлэм олороллор, бэйэлэрин үөрүйэхтэрин толору туһананнар нэһилиэнньэҕэ туһалыахтара диэн эрэнэбит. Саҥа баараҕай тутуу бүгүҥҥү малааһынынан бука барыгытын өссө төгүл эҕэрдэлиибит!”.
Киин балыыһа үлэһиттэрэ, эмчиттэрэ урукку дьылларга бөһүөлэги биир гына арҕам-тарҕам ыһыллан олорбут буоллахтарына, билигин биир дьиэҕэ олохсуйдулар. Саҥа тутуу, өссө 2003 сыллаахха тутуллубут уораҕайы кытары силбэһэригэр анаан сылаас туоруур көрүдүөр оҥоһулунна. Чурапчытааҕы балыыһа үлэһиттэрин үөрүүтэ муҥура суох.
Лидия Федорова, медосмотр кэбиниэтин сиэстэрэтэ, 40 сыл стажтаах исписэлиис: “Саҥа балыыһабытыгар киирэммит толору дьоллоох турабыт, үөрүүбүт улахан. Кэтэспиппит сүүрбэттэн тахса сыл буолла, санаабытыгар тутуубут саамай табыллыбыт курдук, өссө даҕаны саҥа обордование кэлэрэ күүтүллэр. Туох баар бары тиэхэньикэбит установкаланан турдаҕына арааһата илин эҥэргэ өтөрүнэн суох балыыһа буолара буолуо. Улахан махталбытын Дойдубут Бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, улууспут дьаһалтатыгар, кылаабынай бырааспытыгар Николай Сергеевичка, тутуу үлэһиттэригэр тиэрдэбит”.
Тыа сиригэр саамай наадалаах тэрилинэн компьютернай томограф буолар. Бу аппараат үгүс ыарыһах уһун айаны тулуйарын тохтотор, Дьокуускайга диэри 200-чэкэ биэрэстэни төттөрү-таары тиэстэри умуннарар суолталаах.
Дэриэбинэ дьонун, ордук аҕам саастааҕы, үрдүк хаачыстыбалаах тэрилинэн туолбут стоматология, хирургия, ЛОР хосторо үөрдэллэр. Урут туруктарын бэрэбиэркэлэтэ медициинэ киинигэр көрдөрөр эбит буоллахтарына, билигин бу хосторго быһаартарар буоллулар. Манна аудиометр, эхосинусскоп уонна ЛОР быраастар ыралара — элбэх функцияны толорор улэлиир остуоллара турда.
Саҥа аппарааты үлэлэтэргэ, туһанарга исписэлиистэр анаан-минээн эрдэттэн үөрэнэн, ананан кэллилэр. Маны таһынан “Земский доктор” бырагырааманан 9 быраас кэлэн улэлиир. Улуус бырааһынан хааччыллыыта 84% , орто медүлэһитинэн хааччылыы 101% тэҥнэһэр.
Николай Сивцев, Прокопий Сокольников аатынан Чурапчы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа: “Наһаа өр кэтэспит, санаабытыгар тута сылдьыбыт балыыһабыт бүгүн үлэҕэ киирдэ. Билигин биһиги дьоммут-сэргэбит өр уочараты кэтэспэккэлэр, анньыспакка-үтүрүспэккэ, хас даҕаны сиринэн сүүрэкэлээбэккэлэр киэҥ-куоҥ уораҕайга кэлэннэр туһааннаах көмөлөрүн ылыахтара. Бу эбийиэк сылаас, сырдык буолуохтун, дьоммутун өр сылларга эмтии, үтүөрдэ туруохтун”.
Екатерина Павлова, 78 саастаах Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, Сэрии сылын оҕото: “Чахчы да киһи ымсыырар балыыһата буола тутуллубут. Маннык дьиэҕэ-уокка киһи киһини эмтии эрэ олоруон сөп. Мин Чурапчым былааһатын уратыта диэн дьиҥ сахалыы тыыннааҕа уонна хас биирдии үлэһит ис дууһатын ууран туран үлэлиирэ буолар. Дойдубутун Путин курдук күүстээх лидердаах буоламмыт, бу аҕыйах ькэм иһигэр улахан, кэтэһиилээх тутуубут түмүктэннэ. Оо, мин урукку, былыргы быраастары аһына, харыһыйа саныыбын ээ. Кытаанах даҕаны усулуобуйаҕа, тымныыга, курааҥҥа үлэлээн-хамсаан ааһаахтаабыттара. Билиҥҥи кэлэктиипкэ бары үтүөнү, ситиһиини баҕарабын. Үөһээҥи салалтабытыгар, салайааччыларбытыгар дириҥник махтанабын”.
Сахалыы итэҕэлинэн саҥа дьиэҕэ сиэр-туом оҥоһулунна. Айыылар уонна аныгы мэдиссиинэ көмөтүнэн, бар дьон чөл туруктаах буоларыгар алгыһы Валерий Герасимов түһэрдэ. Ол инникитин ситиһиллиэхтээх.
Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев: “Улууһум олохтоохторун Таас балыыһабыт иккис уочараттаах тутуута үлэҕэ киирэр үтүө-мааны күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев этэн аһардыбытын курдук өрөспүүбүлүкэҕэ уонна биһиги Чурапчыбыт улууһун устуоруйатыгар бэлиэ күн үүннэ. Улууспутугар үс социальнай суолталаах улахан тутуулар үлэҕэ киириилэрэ сүрдээх элбэҕи этэр. Бу инникигэ сайдыы, бу инникигэ эрэл, бу дьон-сэргэ туһатыгар Дойдубут бэрэсидьиэнин үлэтин-хамнаһын көрдөрөр. Бибилэтиэкэ диэн өй уйата, балыыһа диэн доруобуйа хааһаҕа онтон ыспартыыбынай уораҕайбыт дьон-сэргэ чэбдик, чөл туруктаах буолууларын туоһута.
Онон бу үс бэйэ-бэйэлэрин ситимниир улахан эбийиэктэр үлэҕэ киирбиттэринэн өссө төгүл эҕэрдэлиибин. Мин санаабар бу балыыһаҕа, ыалдьан бүтэн, эстэн баран кэлбэккэ бу балыыһа дьон-сэргэ профилактикланар, эрдэттэн доруобуйатын туругун быһааттарар, наар чэбдик сылдьыыларыгар туһалаах дыбарыаспыт буолуоҕа. Онтон үрүҥ халааттаах аанньалларбыт дьоммут тустарыгар үчүгэйдик үлэлээҥ-хамсааҥ, бары усулуобуйа барыта тэрилиннэ. Онон дохсун ытыспыт тыаһынан Дойдубут баһылыгар Владимир Путиҥҥа, СӨ Ил Дарханыгар Айсен Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр, киин балыыһабыт кэлэктиибигэр, тутааччыларбытыгар, сакаасчыкка Гаврил Скрыбыкиҥҥа, “Адгезия” ХЭТ бары үлэһиттэригэр махтаныаҕын”.
Санатан эттэххэ, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак сүрүн соруга үлэлиир саастаах дьон өлүүлэрин аҕыйатыыга, мэдиссиинэ тэрилтэтигэр каадырынан хааччыйыыга, профилактическай көрдөрүүгэ нэһилиэнньэ улахан аҥарын хабарга туһуланар. Дойду Бэрэсидьиэнэ 2024 сыллааҕы уочараттаах Ыҥырыытыгар, 2030 сылга диэри о.э. алта сыл устата эбии триллион суумманы чуолаан доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин тутууга, өрөмүөннээһиҥҥэ итиэннэ саҥа оборудованиенан хааччыйыыга көрөбүт диэн иһитиннэрбитэ. Дойдубут Аҕа баһылыга, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенота — мэдиссиинэ систиэмэтин үлэтигэр тутаах чаас буоларынан ханнык баҕарар киһиэхэ чугаһын туһунан этэр.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Видео Наталья Сибирякова