Чурапчы улууһун Төлөй-Дириҥэр суолтан массыына бырахтаран таҥнаһынна диэн Чурапчытааҕы ГИБДД иһитиннэрэр. Уруулга 18 саастаах суоппар бырааба суох кыыс олорбут.
Чурапчытааҕы ГАИ иһитиннэрбитинэн, бүгүн сарсыарда 5 чаас 30 мүнүүтэ ааһыыта Төлөй нэһилиэгин таһыгар, “Тойота Ист” массыынанан айаннаар иһэр кыыс уруулун кыайан туппатах уонна суолтан бырахтарбыт. Айан кэмигэр 2007 сыллааҕы төрүөх пассажиркалаах эбит. Суол саахалыгар уруулга олорбут кыыс сиһин тоноҕоһун өлөрөн балыыһаламмыт оттон олорсон испит кыыһа улахан эчэйиитэ суох буолан балыыһаламматах.
Уруулга олорбут кыыс туругар мэдэссиинэ быһаарыытынан, итирдэр утаҕы испэтэҕэ быһаарылынна. Киниэхэ административнай матырыйаал оҥоһулунна . Суол саахалынан бэрэбиэркэ барар.
Сэмэн Жендринскэй