Кэтэһиилээх самаан сайыммыт кэлбитинэн Чурапчы килбэйэр киинигэр, Ленин аатынан киин болуоссакка үгэскэ кубулуйбут «Сибэкки бырааһынньыга» бэрт сэргэхтик ыытылынна. Болуоссакка араас сибэкки, оҕуруот аһын арассаадалара, талах мастар атыыга тэниччи тардылынна. Ону сэргэ түргэнник ситэр кыыллар, мас оҥоһуктар, ас-үөл атыыланнылар. Бу дьаарбаҥка-күрэх сылын аайы Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн тэриллэр.
Анна Аржакова, Одьулуун орто оскуолатын үлэ кластерын салайааччыта:
— Биһиги оскуолабыт былырыын Бэрэсидьиэн гранын пуондатыгар кыттан, кыайан, «Кластер труда» бырайыакпытын олоххо киллэрбиппит. Ол курдук, 150 кв. м. иэннээх эбийиэккэ арассаада үүннэрэбит уонна нэһилиэнньэ оҕуруотун аһын харайабыт. Үүнээйилэрбит сиэмэлэрин кыһын эрдэттэн ыһан, үүннэрэн, арассаадаларбытын атыыга эрдэ таһаарбыппыт. Биһиги оскуола буоламмыт, көрүүгэ-истиигэ үөрэнээччилэрбит көмөлөһөллөр. Дьаарбаҥкаҕа 28 көрүҥ оҕуруот аһын уонна таһырдьа, дьиэҕэ үүнэр сибэкки арассаадаларын атыыга аҕаллыбыт. Сэдэх үүнээйибитинэн мята буолар. Бу от хаппырыыһа суох үүнэр, биири олортоххуна бэйэтэ силис тардан, элбээн барар. Мята сэбирдэҕин ыстаан сиэххин эбэтэр чээйгэ туттан иһиэххин сөп. Бу үүнээйи араас минньигэс утахтары оҥорорго туһаныллар. Бүгүн дьон оҕурсуну, кабачогу, хаппыыстаны, петунияны хамаҕатык ыллылар.
Наталья Васильева, бэйэ дьыалатын саҥа арыммыт урбаанньыт:
— Быйыл социальнай хантыраак көмөтүнэн сылаас тэпилииссэ туттардым. Тэпилииссэм хойутуу үлэҕэ киирэн, сонун, сэдэх үүнээйилэр арассаадаларын кыайан олордубатыбыт. Ол иһин боруобаҕа Сахабыт сиригэр үүнэр үөтү арассаадалаатыбыт. Бастакы паартыйабытын ыам ыйын 17 күнүгэр атыыга таһаарбыппыт. Дьоннор олус интэриэһиргииллэр, Аллараа Бэстээхтэн, Уус Алдантан, Тааттаттан тиийэ сакаастаабыттара. Ол иһин бүгүн атыыга талахтарбытын аҕаллыбыт. Маны сэргэ атыыга хас да сыл үүнэр розалар, оҕуруот астара бааллар. Социальнай хантыраак курдук көмө бырагыраамалар үлэлииллэрэ олус үчүгэй. Киһи идиэйэтин ылла да, олоххо киллэрэр кыахтаах. Онон өссө да былаан киэҥ. Барыта сатанан иһэригэр баҕарабын.
Быйылгы тэрээһин сүрүн уратытынан – Чурапчы нэһилиэгин оскуолаларын выпускниктарын улахан хуордара «Быраһаай, оскуолам» ырыаны ыллаан, дьону-сэргэни долгуттулар. Маны таһынан намыын вальс үҥкүүнү толордулар итиэннэ сайыны уруһуйдаан оһуохайы оройуттан туттулар. Салгыы үөрэнээччилэр эҕэрдэ кэнсиэрдэрэ буолла.
Марфа Петрова. Фото: Семен Жендринский.