Чурапчы улууһунааҕы социальнай харалта иһитиннэрбитинэн, ааһан эрэр 2023 сылга, оройуон үрдүнэн социальнай хантыраагынан 196 киһи өйөнүллэн, уопсайа холбоон 46 мөл.солк суумманы туһаммыт.
Бүгүн, ахсынньы 28 күнүгэр, Чурапчы нэһилиэгин Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр уутуйан үөскээбит Елена уонна Александр Шадриннар, социальнай хантыраак көмөтүнэн бөһүөлэккэ өссө биир улахан, ону ааһан дьоҥҥо-сэргэҕэ олус көмөлөөх эбийиэги, Нерюнгри аатынан уулусса 41 нүөмэрдээх аадырыһыгар үлэҕэ киллэрдилэр.
“Бэйэм дьарык оҥостон шиномонтаж арынан үлэлэппитим уонча сыл буолла. Онтон бу быйылгыттан социальнай хантыраакка ылсаммыт, эбии кэҥэтинэн биэрдибит, 300-тэн тахса тыһыынча үбүнэн көмөлөстүлэр. Урут массыына эрэ көлүөһэтин эрэмиэнниир эбит буоллахпытына, бүгүҥҥүттэн саҕалаан тиэхэньикэни көтөҕөр саҥа оборудование, сыбаарка, күлүүс араас көрүҥүн чочуйар итиэннэ массыыналарга “ЕВА” көбүөрдэри тигэн саҕалыахпыт. Бэйэбит түөрт уоллаахпыт, икки улаханым бэйэбит кытары тэҥҥэ үлэлэһэн лаппа уопутурдулар, каникулларын кэмигэр эҥин кэлэннэр эбии харчылаһаллар. Кинилэри сэргэ күтүөппүт Филипп баар. Түгэнинэн туһанан, СӨ Үлэҕэ министиэристибэтин миниистирэ Елена Волковаҕа улахан махталбытын тириэрдэбит. Кини бэйэтэ өссө бу күһүн кэлэ сылдьан, гарааспыт тутулла турдаҕына көрөн-истэн, сүбэ-ама биэрэн барбыта. Улууспут соииальнай харалтатын управлениетыгар, нэһилиэкпит дьаһалтатыгар, түөлбэбит олохтоохторугар, туох баар бары аймахтарбат дириҥ махталбын тириэрдэбин”, — диэн ыал Аҕа баһылыга Александр Васильевич кэпсиир.
Үөрүүлээх дьаһал алгыс тылын түһэрииттэн саҕаланна. Саҥа уораҕай ичигэс, олохтоох буоллун диэн, Мурун Тыымпыйа төрүт олохтооҕо, нэһилиэк “Ытык сүбэтин” чилиэнэ Гурий Гурьевич Монастырев алҕаата.
Шадриннары бүгүҥҥү үөрүүлээх күннэринэн, улуус социальнай харалтатын отделын начаалынньыга Ольга Баишева, “Мурун Тыымпыйа” ТОС салайааччыта Елена Семенова, “Аргыстаана” улуус суоппар дьахталларын түмсүүтүттэн Ирина Кривошапкина, 84 саастаах ийэлэрэ Елена Илларионова эҕэрдэлээтилэр.
“Инникитин автосервис буоларыгар кыһаныахпыт. Манна бэйэбитигэр эрэ диэн буолбакка, биир үгүс дьоммутугар-сэргэбитигэр көмөлөһөн, эбии үлэ миэстэтэ тахсарын хааччыйабыт. Салгыы тэрилтэлэри кытары үлэлэһэммит үлэбит хайысхатын өссө кэҥэтиэхпит. Олорор уулуссабыт аатынан уонна Нерюнгри куораты кытары бырааттыы сыһыаны бөҕөргөтөн “Нерюнгринская” диэн сүрэхтээтибит. Онон аҕабыт өр сыллаах баҕа санаата туолла, киниэхэ уолаттара күүс-көмө буолуохтара. Барыгытыгар өссө төгүл махтанабыт, социальнай хантыраак өссө да нэһилиэнньэҕэ туһалыы турарыгар баҕарабыт”, — диэн ыал Күн Күбэй ийэтэ Елена Васильевна баҕа санаатын эттэ.
Норуокка биллэринэн, Мурун шиномонтажката дьоҥҥо-сэргэҕэ туһата үгүс, суоппардар үтүө эрэ тылынан ахталлар: “Биир бэйэм манна наар сылдьабын. Өҥөнү оҥорооһуннара олус үчүгэй,ыраас, киэҥ, бэһиэлэй үлэһиттэрдээхтэр. Дьону кытары уопсай тылы буланнар тэҥҥэ хамсаналлар. Билигин бу көлүөһэ үрдэрээрибин кэллим. Үлэлиир чааһа табыгастаах, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр. Билигин өссө бу эбии өҥөлөрү киллэрбиттэр, суоппардар абыранар буолбуттар. Ситиһиини баҕарабын, этэҥҥэ эрэ буоллуннар”, — диэн ыраах айан суоппара Виталий Толстяков кэпсиир.
Шадриннар дьиэ кэргэн бэйэлэрин үөрүүлэрин үллэстэн, кэлбит ыалдьыттары минньигэс аһынан-үөлүнэн күндүлээтилэр итиэннэ сыаналаах бириистээх лотереяны тэрийдилэр.
Саҥа уораҕай үлэтэ таһаарыылаах, үгүс клиеннэрдээх, үтүө доҕоттордоох буоллун.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ