Чурапчыга уһулуччулаах спортивнай салайааччы, маассабай спорт тэрийээччитэ Афанасий Софронов аатынан спортивнай комплекс аһылынна.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев видео-конференция сибээһинэн холбонон, историяҕа киирэр бэлиэ түгэнинэн олохтоохтору эҕэрдэлээтэ.
Тутуу 2022 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын, спорт уопсастыбаннаһын уонна олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн саҕаламмыта. Салгыы «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «СӨ физическэй культураны уонна спорду сайыннарыы» инвестиционнай программанан регион бүддьүөтүттэн үп көрүллэн эбийиэк үлэҕэ киирдэ.
«Биһиги, чурапчылар Дмитрий Коркин, Афанасий Софронов курдук улуу дьоммутунан киэн туттабыт. Кинилэр спорт сайдыытыгар, спорт киэҥник тарҕанарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Дэлэҕэ даҕаны, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэҕэ «Чурапчы — спорт туоната» диэн аатынан биллэбит. Нэһилиэк олохтоохторо долгуйа күүппүт баҕа санаалара, саҥа спорт уораҕайа олоххо киирбитинэн үөрүүбүт үгүс. Эрдэ Дойду Президенэ Владимир Путин 2024 сылга спордунан дьарыктанар дьон-сэргэ ахсаана 55 %-тан кырата суох буолуохтааҕын туһунан сорук туруорбута. Онон бу тутуу ыытыллан нэһилиэнньэ сөбүлүүр көрүҥүнэн дьарыктанарыгар толору усулуобуйа тэрилиннэ уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сылдьарыгар табыгастаах эйгэ оҥоһулунна. Дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Владимировичка, СӨ Ил Дарханыгар Айсен Сергеевичка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар махтанабыт», — диэн спорт комплекс дириэктэрэ Михаил Степанов тус этиитигэр эттэ.
Икки этээстээх эбийиэк 1,6 тыһыынча квадратнай миэтэрэттан тахса иэннээх. Спорт уораҕайыгар олохтоохтор мээчик оонньууларын таһынан, остуол тенниһинэн, хабылыгынан уонна хаамысканан дьарыктаныахтара. Маны сэргэ тренажернай саал үлэлиэҕэ. Манна анал инструктор көрүллүөҕэ. Ону таһынан биирдиилээн исписэлиистэр фитнес, аэробика дьарыктарын туспа төлөбүрдээх тэрийиэхтэрэ. Онон нэһилиэнньэ бары араҥатын хабар сыалтан нэдиэлэтээҕи график оҥоһуллара былааннанар.
Елена Макаринская, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо:
— Мин 2011 сыллаахтан спордунан сөбүлээн дьарыктанабын. Ол иһин спорт комплекс үлэҕэ киирэрин олус күүппүтүм. Пандемия буолуон иннинэ КСК-ҕа дьарыктанарым, оччолорго олус тымныы, тренажернай саалата кыараҕас этэ. Ону сэргэ күрэхтэһиилэр буолар күннэригэр төрүт да үлэлээбэт буолара. Пандемия саҕаламмытыгар таһырдьа дьарыктанарга күһэллибитим. Онтон билигин Чурапчытааҕы успуорт институт тренажернай саалыгар дьарыктанабын, манеһыгар сүүрэбин. Аны мантан ыла чугастыы КСК-бар дьарыктанар буолабын. Мин нэдиэлэҕэ үстэ силовой эрчиллиилэри оҥоробун, онтон атын күннэргэ сүүрэбин, хаамабын. Онон тренажер бөҕө кэлбитин, киэҥ саал тутуллубутун үөрэ көрдүм. Уопсайынан нэһилиэнньэ дьарыктанарыгар аныгылыы усулуобуйа баар буолбута наһаа үчүгэй. Мантан ылата спордунан дьарыктанар киһи ахсаана элбиэҕэ дии саныыбын. Чурапчылар успуорду өрө туппут дьон буолуохтаахпыт. Онон хас биирдии киһи кыра да буоллар, хаамыыттан саҕалаан доруобуйатын туһугар дьарыктаныахтаах. Түгэнинэн туһанан, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, тутааччыларга олохтоохтор ааттарыттан махтанабын.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу күн өрөспүүбүлүкэҕэ 12 бөдөҥ социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр. Ол иһигэр Чурапчыга киин балыыһа иккис уочарата, Егор Борисов аатынан архыып-бибилэтикэ үөрүүлээх аһыллыылара буолла.
Марфа Петрова.