Чурапчыга Саха сирин хамаандата көҥүл тустууга кылбар кыайыыны ситистэ

Саха АССР, РСФСР, ССРС үтүөлээх тренерэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт Саха сирэ-Монголия өрөспүүбүлүкэтин кытары табаарыстыы көрсүһүүгэ Саха сирин хамаандата эрэллээх кыайыыны ситистэ.

Чурапчы хамаандатыгар 57 кг Петр Копылов, Дархан Игнатьев, 61 кг Артем Слепцов, Андрей Мидловец, 70 кг Константин Капрынов, 74 кг Станислав Свинобоев уонна 92 кг Никита Софронов бааллар.

Монголия хамаандатыгар 57 кг Нармандах Насанбуян, Ганболд Болорэрдэнэ, 61 кг Пүрвээ Дашцэрэн, Бямбасүрэн Зэнээмэдэр, 70 кг Тумурчудур Углуу Жаргал, 74 кг Батсугх Батбаяр уонна 92 кг Дагвадорж Оргилогх киирдилэр.

Табаарыстыы көрсүһүү үөрүүлээх аһыллыытыгар Чурапчы улууһун Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев, СӨ успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов, олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин, о.д.а. эҕэрдэ тылы эттилэр.

“СӨ физкултуура уонна спорт туйгуна” ааты Василий Иванов, СӨ Спорт министиэристибэтин бочуотунай грамотатын Виталий Корякин, махтал суругун Семен Федоров, Иннокентий Петров, “Саха өрөспүүбүлүкэтигэр физкултуурунай хамсааһын 100 сыла” бэлиэни Павел Пинигин, Николай Собакин, Николай Каженкин, Егор Пудов, Семен Макаров туттулар.

Тустуу түһүлгэтэ кыраһыабай хапсыһыылары көрдөрдө, көҥүл тустууну сэҥээрээччилэр уолаттар күүстэрин-уохтарын, сымсаларын, булугастарын кэтээн көрдүлэр. Түмүккэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Монголия өрөспүүбүлүкэтин бөҕөстөрүгэр биир даҕаны кыайтарыыны биэрбэккэ эрэллээхтик бастаата. “Монгол бөҕөстөрүн мөлтөхтөр диэн санаамаҥ, ити биһиги тустууктарбыт күүстээхтэр”, — диэн олимпийскэй чөмпүйүөн Павел Павлович этиитэ табаарыстыы көрсүһүүгэ түмүк тылынан буолла.

 

Елена Макаринская, Сэмэн Жендринскэй