Чурапчыга Саха эстрадатын кэскиллээх ырыаһытын сольнай кэнсиэрэ буолла

«Айылгы» норуот айымнньытын дьиэтигэр Саха эстрадатын тахсан эрэр биир кэрэ куолаһа Кирилл Матвеев «Дьол тааһа» айар кэнсиэрэ буолла. Чурапчы дьоно-сэргэтэ таптыыр ырыаһыппытын  тутан олорон көрөөрү зал иһэ толору муһуннубут.

Кэнсиэр саҕаланыыта күөх экраҥҥа  айылҕа мааныта көһүннэ. Ону кытта тэҥҥэ Кирилл бэйэтин туһунан бэрт хомоҕой тылынан уустаан- ураннаан сырдатта. Дьэ, ол кэнниттэн уолбут күлүмүрдээн киирэн кэлбитин, көрөөччүлэр ытыс тыаһынан уруйдаан-айхаллаан көрүстүбүт. Олус күүстээх кэрэ куолас зал иһин толордо, дьон сүргэлиин көтөҕүллэн, дууһалыын ууллан,  хас ырыа аайы  уҕараабат ытыс тыаһын бэлэхтээтэ.

Кирилл Матвеев ырыатын быыһыгар оҕо сааһын кэрэ кэмнэрин астына, дуоһуйа, харахтыын уоттана, оҕолуу киэн тутта кэпсээбитин сэҥээрэн иһиттибит. Бу эдэр киһи иллээх дьиэ кэргэҥҥэ, тапталга сууланан улааппытын, кыра оҕо сааһыттан ырыаны ымыы оҥостубутун, тапталлаах эһэтин кэриэс тылларын сүрэҕэр сөҥөрдөн илдьэ сылдьарын, ыҥырар, арчылыыр сулус оҥостубутун сүрэххинэн-быаргынан ылынаҕын. Ол курдук, олохтон туораабыт эһэтин туйаҕын хатаран, кини ыллаабатаҕын ыллаан, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэни, үйэлээҕи, сырдыгы сыдьаайарын хас тахсыытын, тып-тап сценическай көстүүмнэриттэн, туттарыттан-хаптарыттан, үөрүнньэҥ сырдык дууһалааҕыттан  көрөҕүн. Эһэтин кытта кини ыллыы турар сырдык мөссүөнэ экраҥҥа көстүбүтүгэр тэҥҥэ ыллаһан, барыбытын харах уулаах кууста.

Эдэр ырыаһыт табаарыһа телевидение диктора Аскалон Семенов конферансьелаан доҕорун туһунан истиҥник сырдатта, көрөөччүлэргэ бэйэтин ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ.

Кирилл эдьиийдэрин, эстрада чаҕылхай сулустарын, намыын күүстээх бархатнай куоластаах СӨ үтүөлээх артыыһын Анастасия Готовцеваны уонна СӨ үтүөлээх артыыһын, эстрада примадоннатын Сахаяны кытта хайа баҕарар үрдүк нотаны ылан, наһаа үчүгэй дуэттары бэлэмнээбиттэр. Ону олус дуоһуйа иһиттибит.

Биир дойдулаахпыт, киэн туттар ырыаһыппыт Анастасия Готовцева эдэр киһи сольнай кэнсиэрин өйөөн кэлбит дьоҥҥо махталын тиэртэ. Саҥа тахсан эрэр ураты суоллаах-иистээх ырыаһыт сыралаах үлэтигэр көмө  буолан, арчылыы, араҥаччылыы сылдьара, Кирилл инникитигэр кэскиллээҕин  туоһулуур.

Маны таһынан айар киэһэҕэ «Үрдэл-2024» күрэх финалиһа Василий Черемкин сыанаҕа тахсан, ураты дэгэрэн куолаһынан ыллаан дьиэрэппитин сөбүлээн иһиттибит.

Бу ис дууһаттан кутуллар ырыалар барыбыт өйүгэр, сүрэҕэр хатанныллар. Ону бэлэхтээбит дьоммутугар махтал маанытын аныыбыт. Эстрада кэскиллээх ырыаһытыгар Кирилл Матвеевка сайдан, үүнэн, үрдүк чыпчаалларга дабайа турарыгар, кэрэ истиҥ-иһирэх ырыалары дьоҥҥо- сэргэҕэ бэлэхтии турарыгар баҕарабыт.

Клара Кузьмина — Уус кыыһа.