Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, 1922 сыллаахха Саха АССР төрүттэммит дьоһун күнүн бэлиэтиибит. 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар киэҥ хабааһыннаах тэрээһиннэр ыытыллыбыттара, 100 социальнай эбийиэктэр тутуллубуттара, Дьокуускай куоракка 100 саҥа оптуобустар кэлбиттэрэ.

Бүгүн, Чурапчы улууһугар СӨ күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ дьоһун дьаһаллар ыытыллаллара былааннанар. Бу күн, 11 чаастан Ленин аатынан киин болуоссакка, өрөспүүбүлүкэбит өрөгөй ырыатын толорууга уонна Сомоҕолоһуу оһуохайыгар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи флешмоб уһуллуута ыытыллара былааннанар. Улууспут олохтоохторун, кыттыан баҕалаахтары бука барыгытын сахалыы таҥастаах, киэргэнэн-симэнэн кэлэргитин күүтэллэр.

Ол иннинэ, 9 чаас 30 мүнүүтэҕэ “Мои документы” элбэх өҥөнү оҥорор киин дьиэтигэр, сүүрбэттэн тахса оҕоҕо олохторугар улахан суолталаах, личность буолалларын туоһулуур докумуоннарын, пааспардарын туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыаҕа. Ол кэнниттэн 10 чаас 30 мүнүүтэҕэ Сахабыт сирин бөдөҥ политическай диэйэтэлэ Иван Винокуров бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу “Улуу Өктөөп 50 сылыгар” анаммыт мемориалыгар буолуоҕа.

Чурапчы күүһэ —  түмсүүгэ!

 

Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска ааптар тус архыыбыттан