Норуот доруобуйатын харыстааһыҥҥа медицинскэй наука ситиһиилэрин киэҥник тарҕаппыт эмчит, саха бастакы дипломированнай бырааһа Прокопий Нестерович Сокольников сырдык аатын үйэтитэн, кини бүүһүн арыйдылар, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Бүүһү Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев уонна клинико-диагностическай лаборатория сэбиэдиссэйэ Любовь Григорьева арыйдылар.
Бүүс ааптарынан СӨ Ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Петровскай наука уонна ускуустуба академиятын чилиэнэ Василий Сивцев буолар. Кини Суорун Омоллоон, Алампа, Платон Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара” айымньы скульптураларын, о.д.а. айан-тутан таһаарбыта. Бүүс бэйэтэ боруонса, постамена — мрамор.
Санатан эттэххэ, бүгүн эбиэт кэнниттэн чурапчылар улаханнык күүппүт бэлиэ түгэммит – таас балыыһабыт иккис уочарата аһыллыаҕа.
Елена Макаринская