Чурапчыга саамай улахан собону, халыҥ хаһаны, минньигэс убаһа этин, моҕус киһини, бастыҥ торду астааччыны быһаардылар

Бэҕэһээ, сэтинньи 27 күнүгэр Чурапчы улууһугар тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнэ өрө күүрүүлээхтик бэлиэтэннэ.

Манна “Идэһэ-2024” дьаарбаҥка кэмигэр “Саамай, саамай, саамай” улахан собону, халыҥ хаһаны, минньигэс убаһа этин, моҕус киһини уонна бастыҥ торду астааччыны быһаардылар.

  • “Саамай улахан собонон” Болугур нэһилиэгин Нуучча күөлүттэн Сахаайа Германовна Николаева бэйэтэ тутан аҕалбыт собото дьону соһутта, балык уопсай уһуна 39 см тэҥнэстэ;

  • “Саамай халыҥ хаһанан” Мугудай нэһилиэгиттэн Константин Николаевич Жирков аҕалбыт хаһата ааттанна, уопсай халыҥа 5 см тэҥнэстэ;

  • “Саамай минньигэс убаһа этинэн” барыта холбоон 15 куолаһы хомуйан Болугур нэһилиэгиттэн Василий Харлампьевич Яковлев кыайыылаах таҕыста;

  • “Моҕустар” күрэхтэрин муҥутуур кыайыылааҕынан Кытаанах нэһилиэгиттэн Иван Савельевич Оконешников буолла, кини 2 мүнүүтэ 47 сөкүүндэ 88 дэһээтэй бириэмэ иһигэр урууллубут аһы бүтүннүү сиэн бүтэрдэ;

  • “Бастыҥ торт астааччынан” Кытаанах нэһилиэгин кондитера Анисия Николаевна Дьяконова ааттанна уонна 20 тыһ.солкуобайынан бириэмийэлэннэ,
  • кини бисквитнэй тордун уопсай ыйааһына 5 киилэҕэ тэҥнэстэ.
  • Манна иккис миэстэни Чурапчы нэһилиэгиттэн Саргылана Петровна Бюлтясова – 15 тыһ.сокуобайы
  • оттон үһүс миэстэни Хатылы нэһилиэгиттэн Джулия Станиславовна Данилова – 10 тыһ. солкуобайы ыллылар.

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ