Муус устар 26 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Чурапчы нэһилиэгэр «Утум», Арчы дьиэлэригэр Аһаҕас аан күнүн чэрчитинэн араас хайысханан маастар кылаастар үгүс дьону түмтүлэр. Бары да билэргит курдук, нэһилиэкпитигэр «Айыллаан» сынньалаҥ киинин, «Утум» норуот уус-уран айымньытын дьиэлэрин иһинэн олус элбэх куруһуок көдьүүстээхтик үлэлиир, номнуо дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, дьарыктанар сирдэрэ буоллулар.
Онон бүгүн даҕаны эрдэттэн дьарыктана сылдьар дьону таһынан бастакыларын да кэлбиттэр бааллар. Кылтан-сиэлтэн оҥорорго, иискэ, күрүчүөгүнэн баайыыга, кыбытык тигиигэ, оҕуруо анньыыга, алтаҥҥа оһуор түһэриигэ дьарыктыыр куруһуок салайааччылара араас сүбэни биэрдилэр, маастар кылаастары ыыттылар. Ону тэҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан «Санаа күүһэ» акцияҕа кыттыстылар.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ
Наталья Сибирякова, ааптар хаартыската, видеоҕа устуута